Бүгүн Егор Борисов 70 сааһын туолла

Share

Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ былааһыгар 1991 сылга, Сэбиэскэй Сойуус ыһыллар кэмигэр кэлбитэ уонна Саха сирин салалтатыгар, быстах тохтооһуннары аахсыбатахха, 2018 сылга диэри үлэлээбитэ. Кини быйыл атырдьах ыйын 15 күнүгэр 70 сааһын туолла.

Бу күн Саха сирин Национальнай бибилэтиэкэтигэр Егор Борисов олоҕун уонна үлэтин туһунан быыстапка аһылынна, ону тэҥэ кини научнай үлэлэрэ көрүүгэ турдулар. Быыстапка Егор Борисов 70 сыллаах үбүлүөйүгэр — аныгы өрөспүүбүлүкэ биир биллэр бэлиитигэр ананар.

Егор Афанасьевич Борисов 1954 сыллаахха атырдьах ыйын 15 күнүгэр Саха АССР Чурапчы оройуонун Чурапчы сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. Новосибирскайдааҕы тыа хаһаайыстыбатын институтун «инженер-механик» идэтин бүтэрэн баран, судаарыстыбаннай управление уобаластарыгар боччумнаах ситиһиилэри аҕалбыт карьератын саҕалаабыта диэн бибилэтиэкэ пресс-сулууспатыгар иһитиннэрдилэр.

Араас сылларга Егор Борисов өрөспүүбүлүкэ салалтатыгар араас дуоһунаска үлэлээбитэ, 2010 сылтан 2018 сылга диэри Саха сирин Бэрэсидьиэнэ уонна Баһылыга этэ. 2018 сыл балаҕан ыйыттан Российскай Федерация Федеральнай Мунньаҕын  Сэбиэтин чилиэнэ.

What’s your Reaction?
+1
3
+1
3
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

6 часов ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

7 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

9 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

10 часов ago