Бүгүн өрөспүүбүлүкэ оскуолалара оҕону үлэнэн иитии холобурдарын кэпсээтилэр

Share

Кэлин оҕону үлэнэн иитии, урукку курдук үлэ, сынньалаҥ лааҕырдарын тэрийиэххэ диэн элбэх киһи этэр. Дойду таһымыгар хамсааһын баран эрэр. Үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы мунньаҕын иитинэн бүгүн ИТ-паарка “Точка кипения” былаһааккатыгар “Үлэнэн иитии: саҥа көрүү” диэн “төгүрүк остуол” буолан ааста.

Кэпсэтиигэ өрөспүүбүлүкэ оскуолара, эбии үөрэхтээһин тэрилтэлэрэ кытыннылар. Ил Түмэн билимҥэ, үөрэххэ сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Антонина Григорьева салайан ыытта.

Таатта улууһун Чычымах оскуолата бэйэтин уопутун үллэһиннэ. Ол курдук, агро хайысхалаах оскуола аатын 2012 сылтан сүгэр. Былырыын оскуола өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска бастаабыт. Үлэҕэ иитии баазатыгар кылаастары таһынан оҕуруот сирдээх, кирээдэлэрдээх, тэпилииссэлэрдээх оскуола учаастага,  уһун сылга түүлэһиигэ оттуур сирдээх, бас билэр хортуоппуй сирдээх, “Унньуулалаах” стационарнай лааҕырдаах, арендаҕа хотонноох, 18 төбө сүөһүлээх, гараастаах, тиэхиньикэлээх, “Кедр” пилорамалаах эбит. Оҕуруот аһын, хортуоппуйу үүннэриинэн, сүөһү көрүүтүнэн дьарыктаналлар.

Чурапчы улууһун Дириҥ оскуолата өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥник биллэр, тарбахха баттанар оскуола. Оскуола дириэктэрэ Михаил Игнатьев: “Үлэнэн иитиигэ биһиги сылы эргиччи үлэлии олоробут. Сайынын оҕону хабыыга улахан сорук турар. Билигин ыстатыыстыканы көрдөхпүнэ өрөспүүбүлүкэҕэ 521 лааҕыртан 7% эрэ үлэ лааҕыра”, — диэн бэлиэтиир. Урукку кэмҥэ лааҕыр боппуруоһа күүскэ турар буоллаҕына, билигин оскуола, нэһилиэк — бэйэтин күүһүнэн диэн этэр. Стационарнай лааҕыр арыйар сүрдээх уустугун ыйар. Улуус үбүнэн көмөлөһөр (дотация) эрээри, өрөмүөҥҥэ үп-харчы кырыымчыгын бэлиэтиир.

«Төгүрүк остуолга» мустубут дьон хас даҕаны кэккэ боппуруостарга тохтоон аастылар. Ол курдук, сүрүннээн үбүлээһин, лааҕыры аһыы ымпыгар-чымпыгар, сокуонуон өттүгэр, уо.д.а. тохтоотулар.

Хаартыска: Людмила Попова.
What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

4 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

4 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

5 часов ago
  • Сонуннар

ВИДЕО: Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо

Нейросеть Дьыл Оҕуһун оҥордо диэн ЯкутияDaily иһитиннэрэр: https://t.me/yakutiadaily/45038

5 часов ago