Бүгүн – Хомус күнэ
30.11.2024, 10:13
Хаартыскаҕа Нарыйа Пахомова түһэриитэ, СИА.
Бөлөххө киир:
Сыл аайы сэтинньи 30 күнүгэр Саха сиригэр Хомус күнэ бэлиэтэнэр. Чопчу бу күн 1990 сыллаахха Дьокуускайга аан дойду норуоттарын хомуһун мусуойа уонна Хомус киинэ аһыллыбыта.
Саха музыкальнай инструмена – хомус олус элбэх араастаах. Былыр саха варганын мастан эбэтэр уҥуохтан оҥороллоро. Кэлин хомуһу тимиртэн охсор буолбуттара.
Билигин бу Аан дойду норуоттарын хомуһун мусуойугар 57 араас норуотун хомуһа хомуллан, ураты кэллиэксийэ буолан турар.
Саха сиригэр улахан дьон да, оҕолор да ортолоругар хомусчут элбэх. Кинилэринэн, Саха сиригэр уонна дойдуга эрэ буолбакка, тас дойдуларга виртузтарбытынан киэн тутталлар. Оттон хомуһу охсор саха уустарын маастарыстыбалара аан дойдуга аатырыахтарын аатыраллар.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: