Бүгүн – хортуоппуй амсайар күн

Share

Бүгүн – Ылдьыын күнэ. Бу күн эһэлэрбит, эбэлэрбит хортуоппуйдарын амсайаллара, хостонуор диэри өссө төһө улаатыан быһаараллара.

Атырдьах ыйын 2 күнүгэр сибиэһэй хортуоппуйу амсайыы – былыргы үгэс. Билигин хортуоппуй түргэнник ситэр, улаатар саҥа суортарын таһааран,  аныгы дьон Ылдьыын күн хортуоппуйу бастакытын сиэхтээхпит диэн улаханнык тутуспаттар, арыый эрдэлииллэр диэххэ сөп.

Былыргылар Ылдьыын таҥарата этиҥи, чаҕылханы, ардаҕы, үрдүк үүнүүнү кытта сибээстээх дииллэр. Онон үрдүк үүнүүнү ылар туһугар, чуолаан хортуоппуйу бу күн хостоон көрүллүөхтээҕин туһунан сорох чахчылар ыйаллар, ол эрээри, чопчу быһаарыы суох. Салгыы ардахтаан, атырдьах ыйыгар диэри өссө улаатыахтаах диэн сабаҕалыыллар.

Манна даҕатан эттэххэ, хортуоппуй Соҕуруу Эмиэрикэттэн тарҕаммыта биллэр. Перу Лема куоратыгар баазалаах норуоттар икки ардыларынааҕы хортуоппуй киинэ баарын, онно 7 тыһыынчаттан тахса хортуоппуй суордун кэллиэксийэтин хомуйбуттарын ыйаллар.

edersaas.ru саайтан, 2021 с.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Тылгынылар уолларыгар 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар. Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

2 часа ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит

СҮБЭҺИТ: Сылгы эмиһин хайдах быһаарабытый?

Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…

3 часа ago