Бүгүн хоту тибии, буурҕа түһэр, күнүс -3…-8° буолуо
14.03.2025, 07:30

Хаартыска: СИА
Бөлөххө киир:
Бүгүн, кулун тутар 14 күнүгэр, Саха сиригэр сөҥүүтэ суох, хоту улуустарынан буурҕа түһэр, күнүс салгын температурата -3…-8° кыраадыс буолуо.
Өрөспүүбүлүкэҕэ үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, хотугулуу-арҕаа, арҕаа кыралаан хаардыыр, күнүс сорох сиринэн хаар түһэр. Арҕаа, соҕуруу тибиилээх, сөкүүндэҕэ 9-14 м. түргэннээх тыаллаах. Эдьигээн улууһугар буурҕа түһэр, сөкүүндэҕэ 15-17 м. түргэннээх күүстээх тыаллаах, Анаабырга, Булуҥҥа сөкүүндэҕэ 19-24 м. диэри түргэннээх буурҕа түһэр.
Салгын температурата түүн -30-35°, хотугулуу-илин -37-42°, арҕаа, соҕуруу -20-25°, күнүс -10-15°, арҕаа -3-8°, хотугулуу-илин -20-25°.
Дьокуускайга салгын температурата түүн -33-35°, күнүс -14-16°, сөҥүүтэ суох.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: