Бүгүн — Ил Дархан ийэтин төрөөбүт күнэ

Share

Бүгүн, атырдьах ыйын 28 күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев ийэтэ Тамара Сергеевна Николаева төрөөбүт күнүн бэлиэтиир. Үс сыллааҕыта кини үөрүүлээх үбүлүөйүн бэлиэтээбитэ.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Тамара Сергеевна Үөһээ Бүлүүгэ олорор. Күн бүгүҥҥэ диэри кини үөрэх эйгэтигэр үтүө сүбэһит, күүс-көмө буола олорор.

Тамара Сергеевна – сахалартан бастакы дипломнаах философ. Ленинградтааҕы судаарыстыбаннай университет философскай факультетын бүтэрбитэ. ССРС норуодунай учуутала Михаил Алексеев ыҥырыытынан Үөһээ Бүлүүтээҕи физико-математическай оскуолаттан үлэтин саҕалаабыта. Үйэтин тухары учууталынан үлэлээбитэ, түөрт оҕону иитэн-үөрэтэн, атахтарыгар туруортаабыта.

Ил Дархан, бырабыыталыстыба дьаһалтатын пресс-сулууспата.

Айсен Сергеевич ийэтин туһуһан олус сылаастык ахтар: “Мин ийэм Тамара Сергеевна миэхэ олоҕу бэлэхтээбит эрэ буолбатах, дьоҥҥо-сэргэҕэ, норуокка, төрөөбүт дойдуга тапталы, дириҥ ытыктабылы иҥэрбит өҥөлөөх. Тыйыс усулуобуйаҕа олорор Саха сирин норуоттарыгар барыларыгар тапталынан, сүрэҕин сылааһынан угуттуур ийэ диэн дьиэ кэргэн эргийэр киинэ, туллар тутааҕа, олох төрдө буолар”.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Түөрт киһи тыыныгар турбут 60 саастаах киһи сууттанна

Мииринэй куорат 60 саастаах олохтооҕо түөрт киһини өлөрөн сууттанна. Бу туһунан СӨ Борокуратуурата иһитиннэрэр. 2023…

9 часов ago
  • Сонуннар

Ньидьили нэһилиэгэр “Эн, комсомол, мин дьолум” тэрээһин көхтөөхтүк ыытылынна

Хомсомуол үгүс көлүөнэ ыччакка эдэр саастарын аргыһа буолан, сыллар аастахтарын аайы күндүтүйэн иһэр өйдөбүл.  …

10 часов ago
  • Уопсастыба
  • Ыйыт - хоруйдуубут

ЫЙЫТ-ХОРУЙДУУБУТ: Төлүүллэр дуо?

— Оҕом Казахстаҥҥа төлөбүрдээх үөрэххэ киирбитэ. Онно нолуок вычетын хайдах төннөрүөххэ сөбүй? Төрөппүт ыйытыытыгар Арассыыйа ФНС…

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тыл чөлүн тутааччы – сахалыы саҥабыт

Сэтинньи 6 күнүгэр үлэ бэтэрээнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Тыл билимин хандьыдаата, Арассыыйа Бэдэрээссийэтин Билимин…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Үөрэх

“Этнография улахан дьыктааныгар” ыҥыраллар

Норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө, сэтинньи 2 күнүгэр “Арассыыйа – мин устуоруйам” түмэлгэ “Этнография улахан дьыктааныгар”…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

“Тарат” кэпэрэтиип тиҥэһэлэри атыыласта

Быйылгы кыстыкка Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Тарат” кэпэрэтиибэ 64 тиҥэһэни атын хаһаайыстыбалартан атыыласта. Ол курдук, Бүлүүттэн…

12 часов ago