Бүгүн — инбэлииттэр күннэрэ
Ахсынньы 3 күнүгэр Инбэлииттэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрэ бэлиэтэнэр. Бу күн доруобуйаларыгар хааччахтаах дьон уопсастыба олоҕор кыттыһалларыгар көмөлөһөр, кинилэр бырааптарын көмүскүүр сыаллаах олохтоммута.
Инбэлииттэр норуоттар икки ардыларынааҕы күннэрин бэлиэтиир туһунан быһаарыыны 1992 сыллаахха ХНТ (ООН) Генеральнай ассамблеята ылыммыта. Хас сыл аайы инбэлииттэр күннэрэ биир чопчу тиэмэҕэ сыһыаннаах буолар. Холобур, «Ничего о нас без нас», «Искусство, культура и независимый образ жизни», «Самостоятельная жизнь и устойчивый заработок», о.д.а.
Бу күн 184 дойдуга бэлиэтэнэр. 2012 сыллаахха Арассыыйаҕа ратификационнай сурукка илии баттаммыта, ол эбэтэр, аан дойдутааҕы таһымҥа инбэлииттэр бырааптарын көмүскүүргэ, араас миэрэни ылынарга, о.д.а. быһаарыы ылыныллыбыта. Хаһыс да сылын «Доступная среда» федеральнай бырагыраама үлэлиир.
Онон бу күн Арассыыйа бары куораттарыгар араас тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Саха сиригэр сэтинньи 25 күнүттэн ахсынньы 5 күнүгэр бу күҥҥэ анаммыт декада ыытылла турар. Декада чэрчитинэн, инбэлииттэр дьыалаларын сүрүннүүр киин мунньаҕа, «Доступная среда» диэн тотальнай тест, «Код здоровья» көрсүһүү, төгүрүк остуоллар, маастар-кылаастар, күрэхтэһиилэр, төрөппүттэр кэмпириэнсийэлэрэ, араас аахсыйалар, «Ыра санаа ымыыта» инклюзивнай испэктээкил, «Поющие руки» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурус, интеллектуальнай марафон, киберспорка турнир, о.д.а. тэрээһиннэр ыытыллаллар.
Аан дойдуга инбэлиит ахсаана — 650 мөлүйүөн киһи, ол эбэтэр, нэһилиэнньэ 10 бырыһыаныттан тахса. Арассыыйаҕа — 13 мөлүйүөн киһи, Саха сиригэр — 60 тыһыынча кэриҥэ киһи доруобуйатыгар хааччахтаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: