Бүгүн «IТ-апокалипсис» буолуо дуо?
Бүгүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, АХШ Үп-харчы министиэристибэтэ былааннаабыт саҥа сааҥсыйалара күүһүгэр киирэр.
Бу сырыыга сааҥсыйалар IT бырагыраамаларынан хааччыйыыны кытта сыһыаннаах. Ол курдук, саҥа киирэр сааҥсыйалар консультациялааһын уонна бырайыактааһын өҥөлөрүн, «былыт» сиэрбистэринэн, бырамыысыланнай бырагырааманан хааччыйыыны, о.д.а. кытары сибээстэнэр. Манна ымпыга-чымпыга чуолкай биллибэт эрээри, эспиэртэр этэллэринэн бу сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр «ИТ-апокалипсис» буолара сабаҕаланар. IT эйгэҕэ апокалипсис кэмигэр Арассыыйа үрдүнэн Microsoft Office сиэрбистэрин, бырагыраама бородуукталарын араарыахтарын сөп.
«Бу туһунан ким да чуолкайдык быһаарар да, этэр да кыаҕа суох. Манна тыһыынчанан төрүөт баар. Ханнык баҕарар сокуон араастык быһаарыллар, ол иһин хайдах дьайарын туһунан сокуон үксэ күүһүгэр киирбитин эрэ кэннэ биллиэҕэ. Бэл, бу кэмҥэ Арассыыйаҕа киирбит сааҥсыйалар чопчу туох өттүттэн эбэтэр хайысханан күөрэйэн тахсаллара биллибэт. Манна, холобур, сааҥсыйа сокуонугар «бырагыраама бородууктата» диэн соччо өйдөммөт этиилээх», — диэн Сыыппара экэниэмикэтин сайыннарыы пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Герман Клименко быһаарда. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: