Бүгүн «IТ-апокалипсис» буолуо дуо?

Share

Бүгүн, балаҕан ыйын 12 күнүгэр, АХШ Үп-харчы министиэристибэтэ былааннаабыт саҥа сааҥсыйалара күүһүгэр киирэр.

Бу сырыыга сааҥсыйалар  IT бырагыраамаларынан хааччыйыыны кытта сыһыаннаах. Ол курдук, саҥа киирэр сааҥсыйалар консультациялааһын уонна бырайыактааһын өҥөлөрүн, «былыт» сиэрбистэринэн, бырамыысыланнай бырагырааманан хааччыйыыны, о.д.а.  кытары сибээстэнэр. Манна ымпыга-чымпыга чуолкай биллибэт эрээри,  эспиэртэр этэллэринэн бу сыл балаҕан ыйын 12 күнүгэр «ИТ-апокалипсис» буолара сабаҕаланар. IT эйгэҕэ апокалипсис кэмигэр Арассыыйа үрдүнэн Microsoft Office сиэрбистэрин, бырагыраама бородуукталарын араарыахтарын  сөп.

«Бу туһунан ким да чуолкайдык быһаарар да, этэр да кыаҕа суох. Манна тыһыынчанан төрүөт баар. Ханнык баҕарар сокуон араастык быһаарыллар, ол иһин хайдах дьайарын туһунан сокуон үксэ күүһүгэр киирбитин эрэ кэннэ биллиэҕэ. Бэл, бу кэмҥэ Арассыыйаҕа киирбит сааҥсыйалар чопчу туох өттүттэн эбэтэр хайысханан күөрэйэн тахсаллара биллибэт. Манна, холобур, сааҥсыйа сокуонугар «бырагыраама бородууктата» диэн соччо өйдөммөт этиилээх», — диэн Сыыппара экэниэмикэтин сайыннарыы пуондатын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Герман Клименко  быһаарда. Бу туһунан «Парламентская газета» суруйар.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Култуура
  • Сонуннар

Көрөөччү санаата: «Кэрэҕэ тигистибит»

Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…

2 часа ago
  • Култуура
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Тылгынылар Иоганн Матвеевка 100 тыһыынча солкуобайы бэлэх ууннулар

Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атамайга уһуйаан үбүлүөйүн үөрүүлээх тэрээһинэ

Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүбэһит
  • Уопсастыба

Кырачаан ханнык өҥү ордороруй?

Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр.  Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…

5 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Итэҕэл
  • Сонуннар

Харчыга сыһыаннаах бит-билгэ

Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…

6 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Саюри» сайдар, кэҥиир

Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…

6 часов ago