Бүгүн кэккэ улуустарга сылыйар
Саха сирин үрдүнэн нэдиэлэттэн ордук кэмҥэ тымныы күннэр турдулар.
Саха сиринээҕи гидрометеокиин иһитиннэрбитинэн, бүгүн, тохсунньу 23 күнүгэр, Халыма улуустарын эргин халлаан 28 кыраадыс тымныйбыт. Ол аата сылыйбыт. Оттон Саха сирин илин эҥээригэр уонна хотугулуу-илин кэккэ сирдэринэн 55 кыраадыска тиийэ тымныйда. Абый, Аллайыаха, Үөһээ Халыма, Муома, Аллараа Халыма уонна Орто Халыма улуустарыгар бу нэдиэлэ саҥатыттан кыратык хаардыаҕа. Ону тэҥэ, бүгүн соҕуруу уонна соҕуруулуу-арҕаа эргин эмиэ хаардыыра күүтүллэр.
Киин улуустарга ааспыт түүн 44-49 кыраадыс тымныйда. Илин эҥээр улуустарга, хотугулуу-илин 50-55 кыраадыс буолбут. Халыма уонна муора кытылынан 32-37, соҕуруу, соҕуруулуу-арҕаа эргин 39-44 кыраадыс тымныйбыт.
Бүгүн күнүһүн киин улуустарга 40-45 кыраадыс, илин эргин 44-49 кыраадыс, Халыма уонна кытыл эргин 28-33 кыраадыс, соҕуруу уонна арҕаа эргин 35-40 кыраадыс тымныы буолар. Дьокуускай куоракка түүнүн 47-50 кыраадыс тымныйбыт. Күнүһүн 45-47 кыраадыс тымныы буолар.
Саха сиринээҕи гидрометеокиин эрдэтээҥҥи иһитиннэриитинэн, киин уонна соҕуруулуу-илин улуустарга тымныы күн-дьыл тохсунньу 27 күнүгэр диэри турар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: