Бүгүн киэһэ Амма Өнньүөһүгэр хаар түстэ

Share

Бүгүн киэһэ Амма улууһун Өнньүөһүгэр хойуу хаар түһэ турарын туһунан сонунунан төлөпүөн туолла.

Бу төһө оруннааҕын билсээри Өнньүөскэ төлөпүөнүнэн сибээстэһэ сырыттым. Педагогическай үлэ бэтэрээнэ Лариса Унарова таһырдьа оҕуруотун кытта бодьуустаһа сылдьарыгар түбэстим.

Бүгүн эбиэттэн киэһэ күүстээх ардах түспүтэ. Онтон эмискэ хаардаан барбыта. Хойуу хаар түһэн, сир маҥхайда.

Өнньүөс — Амма улууһун соҕуруу нэһилиэгэ буолар. Алдан, Уус-Маайа улуустарын кытта сиһинэн быысаһан олоробут.

Өрөспүүбүлүкэ соҕуруу өттүгэр түспүт хаар биһигинэн ааста.  Бэрт өрдөөҕүтэ тыа күп-күҕүнэн көрөн турдаҕына хаардаабытын өйдүүбүн.

Тускул «оҕуруоккутун бүрүйүҥ…»  диэн батсаабынан  сүбэтин соторутааҕыта туппуппут. 

Онно сэрэтэринэн, икки-үс күн  хаһыҥныыһы быһыылаах. Онон бу оҕуруоппутун бүрүйэр, тэпилииссэ оттор аатыгар сылдьабыт. Түбүк бөҕө. Бу иннинэ тэпилииссэни оттон көрө илик этибит.

Тускул итинник эрдэттэн сэрэтэрэ үчүгэй. Батсаабынан түргэнник тарҕанар буолан, кини сэрэтиитин интэриниэттээҕэр эрдэ билэбит.

Дьэ, сарсын сарсыарда хайдах буолар, тугу көрөбүт… — диэн санаатын үллэһиннэ Лариса Ивановна.

Амма курдук киин улууска хаардыыр буоллаҕына, сайыммыт өссө тугу көрдөрөн соһутар?…

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өбүгэ итэҕэлэ

Ааспыт үйэ 60 сылларыгар, оскуола диэни өссө да билэ илик кыра оҕо, эбээ тапталлаах сиэнэ…

4 минуты ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Бу — интэриэһинэй. Зонтигы ким айбытай?

Зонтик туһунан кыһынын умнабыт. Оттон сайын ардахтар саҕаланнылар да, зонтикпыт үрдүгэр түһэбит. Билигин зонтик арааһа…

14 минут ago
  • Сонуннар
  • Чэгиэн

Босхо мэдисиинискэй көмөҕө уларыйыы киирдэ

РФ бырабыыталыстыбата 2025-2027 сылларга босхо мэдисиинискэй көмө саҥардыллыбыт бырагырааматын бигэргэттэ. Бу туһунан миниистирдэр кэбиниэттэрин тг-ханаалыгар…

34 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн
  • Тыа хаһаайыстыбата

Амма сыырын Москваҕа уонна Благовещенскайга атыылаан эрэллэр

Амма улууһугар 2013 сылтан дьоҥҥо киэҥник биһирэммит сыыры оҥороллор. Билигин ити сыыр өрөспүүбүлүкэ маҕаһыыннарыгар эрэ…

55 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Сэмсэ тыл»: Трамп Гренландияны тоҕо былдьаста?

Чокуур Гаврильев токкоолуурунан, бу Арктикаҕа сытар муус арыыны АХШ холбооботор да, анныгар уктар чинчилээх.

1 час ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Сылгыны өҥүнэн, сааһынан наардааһын

Бүгүн ааҕааччыларбытыгар П.С.Скрябин аатынан 1 Дьөппөн орто оскуолатын 5 кылааһын үөрэнээччитэ,  “Инникигэ хардыы” научнай- практическай…

2 часа ago