Дьокуускайга Кириһиэнньэ сөтүөтэ саҕаланар
Тохсунньу 18 күнүттэн 20 күнүгэр диэри — Кириһиэнньэ сөтүөтэ. Православнай христианнар итэҕэллэринэн тохсунньу 19 күнүгэр Иордан үрэҕэр Иисус Христоһу Иоанн Предтеча кириэстээбитэ. Бу күн уратытынан итэҕэллээх киһи икки улахан уунан ыраастаныыта буолар, бастакыта — сочельник күн, иккиһэ — тохсунньу 19 күнүгэр, ыраас халлаан анныгар, күөллэргэ биитэр үрэхтэргэ.
Эрдэттэн ойбон үүттэнэн, таҥара итэҕэлэ этэринэн, ханнык баҕарар киһи ууга үстэ умсан ылыахтаах, ону таһынан мэлииппэ ааҕыахтаах. Муустаах ууга сөтүөлүүр киһи дууһатын, этин-сиинин чэбдигирдэр, сыл тухары мунньуллубут кыһалҕаларын, сор быатын ыраастанар.
Араас мистическэй үөрэхтэр этэллэринэн, бу күн Күн, Сир уонна Галактика оройун кытта анал сибээс үөскүүр, атыннык эттэххэ, «энергетическэй ханаал». Бу түгэҥҥэ сир, уу, харамай уонна киһи ыраастанар, эмтэнэр. Ордук күүстээҕинэн киһи уу нөҥүө ыраастаныыта уонна эмтэниитэ буолар.
Бэлиэтээһиннэр, чахчылар
- Сибэтиэй ууну иһэри, суунары таһынан дьиэни эмиэ ыраастыахха сөп.
- Кириһиэнньэ күн ылыллыбыт сибэтиэй ууну кириэстии хаҥас илиигинэн, дьиэҕин чаһы эргииринэн, тарбаҕын төбөтүнэн ыһыллыахтаах.
- Киирэр аан таһыттан саҕалаан дьиэ иһигэр араас хосторунан чаһы эргииринэн хаамаҥҥын, киирэр ааҥҥа төннүөхтээххин. Дьиэни сибэтиэй уунан ыраастыыргар хайаан да ааннар уонна бордууһуна аһаҕас туруохтаахтар, маны таһынан маннык мэлииппэ ааҕыллыахтаах: «Окроплением воды сия священныя в бегство да претворится всякое нечистое и бесовское действо». Бу ньыманы нэдиэлэ ахсын туһаныахха сөп. Хас биирдии куһаҕан санаа, этиһии айдааныгар үөскээбит, муннуктарга иҥмит хара дьайдар сүтэллэрэ бэлиэтэнэр.
- Кириһиэнньэ уутугар эбии уу куттахха, күүһүн сүтэрбэт эбит. Итэҕэл быһыытынан, биир хааппыла сибэтиэй уу акыйаан уутун ыраастыан сөбө ыйыллар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: