Дьокуускайга Арассыйа былааҕын күнүгэр, атырдьах ыйын 22 күнүгэр, «Курск, биһиги эһигини кытта!» Курскай уобаласка эмсэҕэлээбиттэргэ гуманитарнай көмөнү хомуйуу саҕаланар.
Бу туһунан СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата суруйар. «Украина саба түһүүтүттэн эмсэҕэлээбит Курскай уобалаһын олохтоохторун ыарыылара саха дьонугар олус чугас. Бу маны ааспыт гуманитарнай аахсыйалары ыытыы көрдөрөр. Бүгүн сэбилэниилээх өстөөҕү утары бары түмсүөхтээхпит. Бу ыытыллар аахсыйаҕа кэлэн кыттыҥ уонна Курскай уобалас олохтоохторун өйөөҥ. Бүтүн дойдубут курдук, биһиги «Курск, биһиги эһигини кытта!» диибит»,- диэн Тас сибээстэргэ уонна норуоттар дьыалаларыгар миниистирэ Гаврил Кириллин бэлиэтээтэ. Тэрээһин А.Е. Кулаковскай аатынан норуоттар доҕордоһууларын дьиэтин таһыгар «АртАтриум – сквер К.Маркса» былаһааккатыгар ыытыллар. Саҕаланар киэһэ 17:00 чаастан.
Аахсыйа бырагырааматынан баҕа өттүнэн Дьокуускай олохтоохторуттан уонна ыалдьыттарыттан, уопсастыбаннай тэрилтэлэртэн уонна кэммиэрчэскэйэ суох түмсүүлэртэн үбү-харчыны хомуйуу ыытыллар.
Санатан эттэххэ, ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай куорат Норуоттар доҕордоһууларын дьиэтигэр Курскай уобалаһын олохтоохторугар көмөҕө биир туоннаттан тахса гуманитарнай көмө хомуллубута.
Кылаан Кындыл алгыһынан, тойугунан арыйда. ''Сэргэлээх уоттара'' култуура киинигэр эдэр ырыаһыт Иоганн Матвеев бастакы айар…
Бүгүн саха эстрадатын чаҕылхай сулуһа Иоганн Матвеев бастакы кэнсиэрэ буолла. Талааннаах уолларын биир дойдулаахтара, Бүлүү…
Горнай улууһугар Атамайга "Радуга" уһуйаан тэриллибитэ 65 сылын бэлиэтиир тэрээһин өрө көтөҕүллүүлээхтик буолла. Бу күн…
Оҕо уруһуйугар болҕомтоҕутун ууруҥ диэн психологтар сүбэлииллэр. Баһыйар өҥүнэн оҕо уйулҕатын туругун быһаарыахха сөп диэн…
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…