Бүгүн Күн «өлөр» күнэ

Share

Муус устар 8 күнүгэр Москва бириэмэтинэн киэһэ 7 чаас 39 мүнүүтэттэн 10 чаас 55 мүнүүтэҕэ диэри Күн «өлөр». 9 чаас ааһыыта 4 мүнүүтэ устата толору сүтэн ылыаҕа.

Ол эрээри, толору сүтэрин Хотугу Америка, Канада, Мексика уонна Чуумпу, Атлантическай акыйааннар арыыларын олохтоохторо эрэ көрүөхтэрэ диэн Москватааҕы планетарий иһитиннэрэр.

Арассыыйаҕа көстүө суоҕа, тоҕо диэтэр, бу кэмҥэ биһиэхэ киэһэ уонна түүн буолар. Ол да буоллар,  наһаа баҕарар дьон интэриниэтинэн быһа эпиири булан көрүөхтэрин сөп.

Күн уонна Ый  сыл аҥаара буола-буола, икки нэдиэлэнэн быысаһан «өлөллөр». Бу кэмҥэ Күн, Сир, Ый биир эрээккэ кэккэлэһэллэр, ортолоругар Сир турдаҕына, Ый «өлөр», оттон ортоку Ый киирдэҕинэ, Күн «өлөр» (Ый күлүгэ Сиргэ түһэн, Күнү бүөлүүр).

Ол эрээри, толору «өлүү» сэдэх буолар. Ый толору бүөлээтэҕинэ, Күн кытыытынан хоруона курдук сыдьаайыы үөскүүр. Былыр сахалар «бэстилиэнэй тыһыынча» үүннэ диэн, айманан, бүтэһигин аһаан хаалаары, сүөһүлэрин өлөртүү сырыттахтарына, аламай күннэрэ тахсан кэлбитин, улахан үөрүү буолбутун туһунан кэпсэнэр. Ол да иһин үҥэр таҥаралара — Күн «өлөрүн» көрөрү аньыыргыыллар.

Бу халлаан эттиктэрэ чугастык быысаһар кэмнэрин «коридор затмений» диэн ааттыыллар. Быйылгы «көрүдүөр» бу күнүнэн түмүктэнэр. «Көрүдүөр» кэмэ уустук соҕустук ааһар диэн астрологтар куруук этэллэр. Маны тэҥэ, бу муус устар ыйыгар атын планета — Меркурий төттөрү хамсаан («ретроградный Меркурий») эбии уустуктары үөскэтэр үһү. Араас саахаллар, быһылааннар, улахан уларыйыылар, эчэйиилэр, о.д.а. буолуохтарын сөп. Онон сэрэхтээх буолуохха наада.

2024 сылга Күн иккитэ «өлөн» ылыаҕа — муус устар 8 күнүгэр уонна алтынньы 2 күнүгэр. 

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
2
+1
0
+1
4
+1
3
+1
3

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

5 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

9 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

10 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

11 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

11 часов ago