Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түһэр

Share

От ыйын 14-16 күннэригэр Сиргэ күүстээх магнитнай буурҕа түспүтэ бэлиэтэнэр.  Ол курдук, от ыйын 14 күнүгэр Күҥҥэ 5 улахан эстиилэр буолбуттара, ол иһигэр биирэ үрдүкү X кылаастаах диэн Прикладной геофизика институтугар иһитиннэрдилэр.

Бу кэнниттэн Сир геомагнитнай хонуута чөлүгэр түһүөҕэ уонна ый бүтүөр диэри кэминэн туруоҕа.

Бэлиэтээн эттэххэ,  күҥҥэ магнитнай эстиилэри рентген сардаҥаларын күүһүттэн кыамтатыттан көрөн, биэс кылаастарга араараллар: А, Б, С, М уонна Х. Күҥҥэ эстиилэр кылаастарынан 10 төгүл улаатан иһэллэр. Бу дьайыылар ийэ сиргэ магнитнай буурҕалары үөскэтэллэр.

Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүүр. Онон бу күннэргэ бэйэни кэтэнэн көрөн, ноҕуруускаламмакка сылдьыахха наада. Маны тэҥэ, араадьыйа, сибээс, Сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Хаартыска/Видео

ВИДЕО: Эһэчээннэр өҥөйөн олорбуттар…

"Охото и рыбалка в Якутии" телеграм-ханаалга ураты видео таҕыста.  Дьон сайылыктарыгар кэлэн омурҕанныы олорон өйдөөн…

22 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Абыйга икки киһи тимирдэ

Бэҕэһээ, от ыйын 30 күнүгэр, Абый улууһун Үөннээх Таас учаастагыттан үс киһи мотуордаах оҥочонон айаннаабыттар. …

52 минуты ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

От ыйын 31 күнэ: этиҥнээх ардах, тыал уонна +32 кыраадыс

Бүгүн, от ыйын 31 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах түһэрэ, +32 кыраадыска тиийэ…

2 часа ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Атырдьах ыйыгар күһүн билгэтэ

От ыйа түмүктэнэр бүтэһик күннэрэ тураллар -- бэтинсэттэн атырдьах ыйыгар үктэнэбит.  Атырдьах ыйын өбүгэ саҕаттан…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Бүлүү тимир уустара бастакы норуоттар икки ардыларынааҕы этно-бэстибээлгэ кыайдылар

От ыйын 26-27 күннэригэр Кош-Агач оройуонун Горно-Алтайскай куоратыгар Куйактанар сиргэ СӨ норуотун маастара Иван Павлов…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Хаартыска: Аллайыахаҕа хараҥаччыны илимтэн быыһаатылар…

Аллайыаха улууһугар уу кытыытыгар быраҕыллыбыт эргэ илимҥэ дьиэ хараҥаччыта хам ылларан, мүччү-хаччы мэҥэстэн сытар этэ.…

12 часов ago