Бүгүн күүстээх магнитнай буурҕа түстэ
Прикладнай физика үнүстүүтүн дааннайынан Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтатын таһыма «олус күүстээх» категорияҕа диэри таҕыста диэн ТАСС биллэрэр.
Күн-дьыл туругун кэтээн көрүү көрдөрүүлэринэн, Сиргэ магнитнай буурҕа кыамтата билиҥҥи туругунан G4 таһымҥа тиийбит. Бу биэс таһымнаах рейтинг көрдөрүүтүнэн «олус күүстээх» магнитнай буурҕаҕа сөп түбэһэр эбит. Саамай үрдүк категорията — G5 — «экстремальнай күүстээх» буолар.
G4 таһымнаах магнитнай буурҕа коммуникацияларга харгыстары таһаарыан сөп, араадьыйа сибээһигэр улахан кэһиилэр тахсаллар, спутниковай навигация уонна араадьыйа сибээһин үлэтигэр уһун тохтобуллары оҥорор. Ону таһынан оннооҕор дьүкээбил уотун тропическай эрэгйиэннэринэн кэтээн көрүөхтэрин сөп.
Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Онон бу күннэргэ бэйэни кэтэнэн көрөн, ноҕуруускаламмакка сылдьыахха наада. Маны тэҥэ, араадьыйа, сибээс, сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: