Өрөбүл күн магнитнай буурҕа күүһүрэр
Бүгүн, атырдьах ыйын 18 күнүгэр, магнитнай буурҕа түһэр. Бу туһунан РАН Космическай чинчийиилэр институтун дааннайдарыгар сигэнэн бары иһитиннэрэр хампаанньалар сэрэттилэр.
Быһа барыллаан, геомагнитнай буурҕа көрдөрүүтэ G1 таһымҥа диэри тиийиэҕэ. Магнитнай буурҕа бэҕэһээ, атырдьах ыйын 17 күнүгэр, киэһэ тоҕус чаастан саҕаланан бүгүн, атырдьах ыйын 18 күнүгэр, киэһэ тоҕус чааска диэри туруоҕа. Бу күн магнитнай буурҕа күн устата дьайыаҕа. Субуота күн магнитнай буурҕа дьайыытын учуонайдар 10% сыаналаабыттара, оттон өрөбүлгэ — 20%.
Күүстээх магнитнай буурҕа кэмигэр сүрэх-тымыр ыарыылаах дьон-сэргэ дабылыанньалара түһүөн-тахсыан, доруобуйалара мөлтүөн сөп. Онон бу күннэргэ бэйэни кэтэнэн көрөн, ноҕуруускаламмакка сылдьыахха наада. Маны тэҥэ, араадьыйа, сибээс, сир аргыстарын үлэлэригэр харгыстар тахсыахтарын сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: