Бүгүн невролог-быраас күнэ

Share

Бүгүн невролог- быраас Бүтүн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Түгэнинэн туһанан,  Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа-Суһал мэдиссиинискэй көмө киинин  неврологияҕа отделениетын сэбиэдиссэйэ Алена Петровалыын эпилепсия ыарыы туһунан кэпсэттибит. 

Өтөр-өтөр эмискэ өйү сүтэрии (эпилепсия) – ньиэрбэ систиэмэтин ордук тарҕаммыт ыарыыларыттан биирдэстэрэ. Бу ыарыы ордук бэлиэ уратылааҕынан сибээстээн, дьоһуннаах мэдиссиинискэй уонна социальнай кыһалҕалары үөскэтэр. Эпилепсиянан аан дойдуга – 50-ча мөлүйүөн, Арассыыйаҕа – 3 мөлүйүөн кэриҥэ, оттон Саха сиригэр 2 тыһыынча курдук киһи ыалдьар.

Өрөспүүбүлүкэтээҕи 2 №-дээх балыыһа неврологияҕа отделениетыгар  “суһал көмөнөн” эбэтэр поликлиникалар уонна улуустар Оройуоннааҕы киин балыыһаларын туһаайыыларынан киирэллэр.

– Алена Юрьевна, өскөтүн эпилепсия сибикитин биллэххэ, тугу гыныллыахтааҕый?

– Өскөтүн чугас киһигитин эпилепсиялаах дуу диэн сэрэйдэххитинэ эбэтэр оннук түгэннэр баалларын сибикилээтэххитинэ, кинини невролог-эпилептологка көрдөрүөххэ наада. Уопсайынан, эпилепсияны ардыгар эпилепсияттан атын ыарыыттан  араарар наада, үксүгэр сүрэх таарымтатыгар эбэтэр тииһик бүрүүстүбэр майгынныыр. Бу түгэҥҥэ ыарыыны чопчу быһаарар олус суолталаах. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии ыарыыны эмтээһин чыҥха атыннаах. Дьолго, биһиги үрдүк технологиялары хото туһаныы кэмигэр олоробут. Ол иһин, үрдүк технологияларынан чинчийии аныгы ньымалара исписэлиис ыарыыны тута кэриэтэ быһаарарыгар көмөлөһөр. Чинчийии кэмигэр булгуччу нейровизуализацияны (мэйиигэ РКТ, МРТ), электроэнцефалографическай чинчийиини (ЭЭГ) оҥоробут, ол чахчылары эмтэнээччи эбэтэр кини аймахтарын кэтээн көрүүлэрин кытта тэҥниибит. Ону таһынан дириҥ электроэнцефалографическай чинчийии – ЭЭГ-видеомониторинг оҥоһуллар. Онуоха өр кэм устатыгар ыытыллар ЭЭГ-устууну уонна эмтэнээччи майгытын видеоҕа устууну тэҥҥэ оҥороллор.

– Ыарыы үөскээһинэ тугу кытта сибээстээҕий? Ыарыыттан хайдах харыстанабыт?

– Эпилепсия сайдар төрүөтэ араас. Ыарыы инсульт, бас уҥуоҕа-мэйии эчэйиитин, киин ньиэрбэ систиэмэтин инфекцияларын, метаболическай уонна иммуннай кэһиллиилэр кэннилэриттэн биллиэн сөп. Үксүгэр эпилепсияҕа мэйии искэнэ, мэйии сайдыытын кэһиллиитэ тириэрдэллэр. Кэккэ дьоҥҥо төрүөтүн быһаарыы кыаллыбатын кэриэтэ. Өссө төгүл хатылаан эттэхпинэ, бу ыарыыга кыра да сэрэхэдийии, уорбалааһын баар буоллаҕына, төһө кыалларынан невролог-исписэлиискэ көрдөрүнэ охсуохха наада. Ыарыыны кэмигэр быһаарбатахха, эпилепсия бүрүүстүптэрэ өтөр-өтөр киирэр буолаллар уонна ыарыһах инбэлииккэ тахсарга күһэллэр. Эрдэ быһаарыы уонна ыарыыны бопсор препараттары быраас анааһынынан иһии, быраас этиилэрин тутуһуу ыарыы хаамыыта бытаарарыгар, эмтэнии муҥутаан ситиһиилээх буоларыгар көмөлөһөр.

– Ханнык чахчылар эпилепсия тииһигэр тириэрдэллэрий?

– Уугун хамматыҥ, сылайыы, видео-оонньуулар, көмпүүтэргэ уонна гаджекка тохтоло суох үлэлээһин бүрүүстүп киирэригэр тириэрдиэхтэрин сөп. Энергетическэй, испиирдээх утахтартан туттунар ордук. Эт-сиин олус уһуннук ноҕуруускаланара уонна улахан эчэйиилэр эмиэ эпилепсия төрүөтүнэн буолуохтарын сөп. Калейдоскопическай устуулар, уот күлүм гынар уонна киһи хараҕа иирэр хартыыналар кэмнэригэр хараҕы сабыллыахтаах.

– Ыарыһах чугас дьоно ыарыы ханнык сибикилэригэр болҕомтону ууруохтаахтарый?

– Ыарыһах кылгас кэмҥэ уруккуну умнар-тэмнэр (амнезия), сотору-сотору быһа түһүөр диэри охтор түгэннэригэр, этигэр-сиинигэр клоническай эбэтэр тоническай тартарыы бүрүүстүптэригэр, көрөрө мөлтөөн ыларыгар, майгыта-сигилитэ, саҥарара уларыйарыгар уонна, биллэн турар, өйүн сүтэрэр, тылын ытырар, иигин ыһыктан кэбиһэн тартарар бүрүүстүптэригэр.

– Ханнык эмтиир ньымалар баалларый?

– Эмтээһин сүрүн соруга – эмтиир препараттары тиһигин быспакка иһии көмөтүнэн бүрүүстүп саҕаланарын тохтотуу эбэтэр сотору-сотору киирэрин уонна тэтимин муҥутаан намтатыы. Эмтиир препараттар элбээһиннэрэ көдьүүстээх терапияны ыытарга көмөлөһөллөр. Фармакорезистентнай эпилепсияҕа нейрохирургия ньымата баар.

Нейрохирургия орооһоро наадатын туһунан быһаарыыны неврологтар уонна нейрохирурдар, үөскүөн сөптөөх кутталы уонна эмтэнии көдьүүһүн сыаналаан туран, ылаллар.

– Өскөтүн ыарыһах эпилепсиятын бүрүүстүбэ саҕаланнаҕына, уҥнаҕына тугу гынылларый?

– Кылаабынайа, уолуйумуохха наада. Ыарыһах хамсанарын хааччахтаныллыбат. Тоҕо диэтэххэ, кини атын дьайыылары оҥоруон, ол эбэтэр утарсыан сөп. Кинини күүскэ тутар-хабар, айаҕын аһа сатыыр наадата суох, ол оннугар ойоҕоһунан эргитиҥ. Айаҕар тугу даҕаны (ньуосканы) угумаҥ, уу биэрэ сатаамаҥ. Тыыннара сатааҥ. Моонньун анныгар сымнаҕас сыттыгы ууруохха сөп. Дьиэҕитигэр оннук ыарыһах баар буоллаҕына, төһө сатанарынан, ордук миэбэллэргит муннуга суох буолаллара ордук. Биллэн турар, эмтээх сириэстибэлэр көмөлөрүнэн бүрүүстүп хонтуруолланарын ситиһиэххэ сөп.

– Эпилепсияттан букатыннаахтык босхолонуохха сөп дуо?

– Билигин кэмигэр быһаардахха уонна быраас тугу анаабытын тутустахха, ыарыһах чөлүгэр түһэрин туруулаһыахха сөп. Эмтээһин ыараханын уонна быыччыгын умнумуохха. Ол гынан баран, киниэхэ сөп түбэһэр терапияҕа бүрүүстүбү толору хонтуруоллуохха сөп. Ол иһин, эмтэнээччилэргэ барыларыгар быраас этиитин барытын чопчу толороллоругар, бэйэ билэринэн эмтэммэттэригэр сүбэлиибин. Ону таһынан, эпилепсияны сэрэтиинэн чөл олох буолар. Стресстээмэҥ, аһара сылайымаҥ, ханнык баҕарар инфекцията уонна сүһүрдэр процесстара кэмнэригэр эмтэниҥ, тиһигин быспакка физкултууранан дьарыктаныҥ, уугутун ханар курдук утуйуҥ уонна туһалаахтык сынньаныҥ. Доруобай буолуҥ, бэйэҕитин харыстааҥ.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Быһылаан

Дьокуускайга кыбартыыра умайан, биэс киһи эчэйдэ

Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…

8 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Олох амтанын сүтэримэҥ

Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…

12 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Өлүүнү кыайбыт улуу саллаат

Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут.  Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри  оҥостор  киһибит …

13 часов ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Одунуга айрширскай боруодалаах бастакы ньирэй күн сирин көрдө

Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…

14 часов ago
  • Култуура
  • Сонуннар

ОНЛАЙН: Сахалыы киинэлэри босхо көрүҥ

"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Саха киинэтэ салгыы хайдах сайдыаҕай?

Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…

14 часов ago