Бүгүн норуодунай бэйиэт Эллэй төрөөбүт күнэ
Бүгүн Саха сирин норуодунай бэйиэтэ, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ Серафим Кулачиков-Эллэй төрөөбүтэ 118 сыла.Серафим Романович — саха поэзиятын бөдөҥ маастара, сүүрбэттэн тахса кинигэ ааптара. Кини Саха сирин суруйааччыларыттан бастакынан норуодунай бэйиэт аатын сүкпүтэ.
Серафим Кулачиков сэтинньи 29 күнүгэр Тааттаҕа Боотурускай нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ.
1928 сыллаахха Москваҕа суруналыыстыка судаарыстыбаннай институтун бүтэрбитэ, «Хотугу ыччат» хаһыакка эрэдээктэрдээбитэ, «Кыым», «Социалистическая Якутия» хаһыаттарга, «Чолбон», «Кыһыл ыллык», «Хотугу сулус» сурунаалларга үлэлээбитэ.
Айар үлэтин 1924 сылтан саҕалаабыта. Бастакы айымньыта — «Эдэр гвардия» ырыаны тылбааһа.
СӨ норуодунай бэйиэтин аатын Дьокуускай куорат биир уулуссата, Таатта улууһун Чычымах орто оскуолата сүгэллэр.
Серафим Кулачиков 1976 с. ахсынньы 14 күнүгэр күн сириттэн күрэммитэ.
ххх
«Серафим Романович Кулачиков-Эллэй ааспыт үйэ 20-с сылларыттан 70-с сылларыгар диэри үйэ аҥаарыттан ордук кэм устата уҕараабакка айбыт саха биир саамай талааннаах поэта.
Кини поэтическай палитрата олус киэҥ. Хоһоон араас систематын дэгиттэр кыайа-хото тутар. Биһиги литературнай тылбыт ньымса, этигэн буола барҕарыытыгар кини үтүөтэ улахан.
… Эллэй дьону өрө күүрдэр публицист-поэт, политическай лирик быһыытынан аатырыан аатырар. Ол эрээри кини интимнэй лирикаҕа күүһэ итинтэн итэҕэһэ суох. Кини киһи ыраастан ыраас, күндүттэн күндү иэйиитин, киһи ис майгыта туохтааҕар да ордук арыллар суолун — тапталы сааһын тухары салгыбакка туойбута…».
(Николай Захарович Копырин, филология наукатын хандьыдаата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ).
Эллэй буойун-бэйиэт буоларын быһыытынан, дойдуну фашистартан көмүскүүргэ ыҥырар уоттаах-төлөннөөх элбэх ырыаны, хоһоону айбыта.
Бырастыылаһыы
«Ытаама, мин хотун доҕорум,
Оҕолорум барахсаттар, ытаһымаҥ:
Миигин сөрөөбөтө модун холорук,
Суолбун бүөлээбэтэ күдэн туман.
Мин иннибэр Лена эбэм
Долгуннара чуумпурдулар,
Кини уйгулаах уулара мин иннибэр
Кыһыл көмүс суол буолан кутулуннулар.
Мин бардым: бухатыыр эһэлэрим
Былыргы аартыктарын арыйан,
Күн дьонум дьоллоох көҥүллэрин
Хараҥа күүстэртэн харыһыйа.
Ийэ дойдум, норуотум ыҥырыыта
Эр сүрэхпин толугуруу мөҕүһүннэрдэ,
Фашист хааннаах баандаларын хампырытар
Өрөгөйдөөх айан суолугар үктэннэрдэ.
Ким эмэ: «Аҕаҕыт ханнаный?» диир буоллар, -–
Уокка кыттан -– уот, этиҥҥэ эбиллэн -– этиҥ,
Хотойдорго холбоһон -– хотой буола,
Тапталлаах аҕабыт барбыта -– диэриҥ.
Бырастыыларыҥ, көмүс биэбэйдэрим!..
Алгыс талыытынан алҕаан хаалыҥ!
Кыһыл фроҥҥа кынаттаах биистэрин
Бастыҥ сыыдамынан тиийэрбэр баҕарыҥ!
Ол тиийэммин, кыргыһыыга киирэммин,
Кырыктаах охсуунан өстөөҕү эсиһиэм!
Иккистээн төрөөбүттүү үлүскэнник үөрэммин,
Иэримэ дьиэбэр, эһиэхэ, эргиллэн кэлиэм!
Оччоҕо, ол кэлиибэр, Лена эбэм,
Эмиэ бу курдук, сааскылыы таҥнан туруохтун,
Чуумпу киэһэбэр, иһирик иирэлээх биэрэгэр,
Чыычаахтарын тойуктара сүрэххин долгутуохтун!..»
(1942 с.)
(Хаартыскаҕа: Эллэй кэргэнэ Анфиса Иокимовналыын)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: