Бүгүн — Нуучча тылын күнэ
Бэс ыйын 6 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн А.С. Пушкин төрөөбүт күнүн кытта Нуучча тылын күнэ бэлиэтэнэллэр.
Нуучча тылынан Арассыыйа 146 мөлүйүөн олохтоохторо итиэннэ 127 мөлүйүөн киһи нуучча тылын иккис тылларын быһыытынан билэллэр. Биһиги дойдубутугар 196 араас омук эйэлээхтик, биир сомоҕо курдук олороллор.
Бу бэлиэ күн 13 сыл анараа өттүгэр, 2011 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Нуучча тылын күнүн бэлиэтиир туһунан Ыйаахха илии баттаабыта. Онтон ыла бү күн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр.
Санаттахха, Саха Сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 2001 сыл атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи 1466 №-дээх «М.В. Ломоносов 300 сааһыгар бэлэмнэнии туһунан» Ыйааҕар олоҕуран, М.В. Ломоносов төрөөбүт күнэ, сэтинньи 19 күнэ, Саха Сиригэр нуучча тылын күнүнэн биллэриллибитэ.
Нуучча тыла баайынан уонна кэрэтинэн биһиги киэн туттар бырааптаахпыт. Кини тылын саппааһынан биһиги ханнык баҕарар санаабытын чопчутук тиэрдэбит.
Нуучча тыла – ордук сайдыбыт уонна баай тыллартан биирдэстэрэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэр норуот тыыннаах дууһата уонна баайа-дуола
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: