Бүгүн — Нуучча тылын күнэ

Share

Бэс ыйын 6 күнүгэр Арассыыйа үрдүнэн А.С. Пушкин төрөөбүт күнүн кытта Нуучча тылын  күнэ бэлиэтэнэллэр.   

Нуучча тылынан Арассыыйа 146 мөлүйүөн олохтоохторо итиэннэ  127 мөлүйүөн киһи нуучча тылын иккис тылларын быһыытынан билэллэр.  Биһиги дойдубутугар 196 араас омук  эйэлээхтик, биир сомоҕо курдук олороллор.

Бу бэлиэ күн 13 сыл анараа өттүгэр, 2011 сыллаахха бэс ыйын 6 күнүгэр, Арассыыйа Бэрэсидьиэнэ Нуучча тылын күнүн бэлиэтиир туһунан Ыйаахха илии баттаабыта.  Онтон ыла бү күн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр.

Санаттахха, Саха Сирин бастакы Бэрэсидьиэнэ М.Е. Николаев 2001 сыл атырдьах ыйын 20 күнүнээҕи 1466 №-дээх «М.В. Ломоносов 300 сааһыгар бэлэмнэнии туһунан» Ыйааҕар олоҕуран, М.В. Ломоносов төрөөбүт күнэ, сэтинньи 19 күнэ, Саха Сиригэр нуучча тылын күнүнэн биллэриллибитэ.

Нуучча тыла баайынан уонна кэрэтинэн биһиги киэн туттар бырааптаахпыт. Кини тылын саппааһынан биһиги ханнык баҕарар санаабытын чопчутук тиэрдэбит.

Нуучча тыла – ордук сайдыбыт уонна баай тыллартан биирдэстэрэ, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиийэр норуот тыыннаах дууһата уонна баайа-дуола

What’s your Reaction?
+1
2
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Сүрүн

Бүгүн сорох улуустарга -52 кыраадыс буолара күүтүллэр

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…

19 минут ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Сыымахха Васильевтар үлэлэригэр атынан сылдьаллар

Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан,  киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…

10 часов ago
  • Куонкурус
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Айсен Николаев Марат Хуснуллины кытта көрүстэ

Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Сэрии кэмигэр тутуллубут өстүөкүлэ собуота

Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…

10 часов ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Билиэн-көрүөн баҕалаахха: куоска минньигэс амтаны билэр дуо?

Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ» хамсааһын 25 сыла!

Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…

11 часов ago