Мария Васильева хаартыскаҕа түһэриитэ, ЯСИА.
Арассыыйа үрдүнэн Полиция күнэ сылын ахсын сэтинньи 10 күнүгэр бэлиэтэнэр.
Устуоруйаны сэгэтэн көрдөххө, 1917 сыллаахха бу кэмҥэ Арассыыйа Ис дьыалаларга норуодунай комиссариата (НКВД) «Оробуочай милиция туһунан» дэкириэти ылынан, ити докумуон быһыытынан Үлэһит уонна саллаат дьокутааттар Сэбиэттэрин иһинэн үлэһит аймах милициятын олохтууллар. Бу бэлиэ түбэлтэ официальнай таһымҥа РФ Бэрэсидьиэнэ Дмитрий Медведев 2011 сыл алтынньы 13 күнүнээҕи 1348№-дээх Ыйааҕынан “Российскай Федерацияҕа Ис дьыала уорганнарын үлэһиттэрин күнүнэн” бигэргэтиллибитэ.
Олохпут уоскулаҥ, көмүскэллээх буоларын туһугар үлэлиир-хамсыыр Ис дьыала эйгэтин үлэһиттэрин истиҥник эҕэрдэлиибит! Чэгиэн туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
Икки биэнсийэни кимнээх ылалларый? Бу туһунан объясняем.рф быһаарар. [gallery ids="242654,242655,242656,242657,242658,242659,242660,242661"]
Хой Элбэҕи былаанныыгын уонна санааҥ күүһүн ситэри тиэрдибэккин. Санааҕын ууран ылыстаххына, үтүө түмүктэри аҕалыаҕа. Ол…
Бүгүн, балаҕан ыйын 19 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар быстах ардыыра, сорох сирдэринэн инчэҕэй хаар…
Дьокуускайга полиция 3 отделын дьуһуурунай чааһыгар эт-хаан эчэйиитин ылбыт Кангаласс олохтооҕо дьахтартан сайабылыанньа киирбит. Ол…
Бүтүн Арассыыйатааҕы байыаннай-тактическай «Путь воина» күрэхтэһии икки полуфиналын түмүгүнэн Саха сирин уонна Тюмень уобалаһын «ВОИН»…
Дьокуускайга 35 саастаах дьахтар үлэлиир тэрилтэтиттэн 2,7 мөлүйүөн солкуобайы уоран, холуобунай дьыала тэрилиннэ. ИДьМ Силиэстийэлиир…