Салгыы
Бүгүн — саахарынай диабеты утары охсуһуу күнэ

Бүгүн — саахарынай диабеты утары охсуһуу күнэ

14.11.2022, 14:36
Бөлөххө киир:

Сэтинньи 14 күнүгэр физиологияҕа уонна мэдиссиинэҕэ Нобелевскай бириэмийэ лауреата, инсулин гормонун арыйбыт Фредерик Бантинг төрөөбүт күнэ. Бу күн аан дойдуга саахарынай диабеты утары охсуһуу күнүнэн биллэриллибитэ.

Саахарынай диабет туһунан РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, Дьокуускай к. доруобуйатын харыстабылын бочуоттаах үлэһитэ Мария Прокопьевна Посельская кэпсиир:

— Саахарынай диабет сүрүн төрүөтүнэн куртах анныгар сытар ноор диэн былчархай (поджелудочная железа) үлэтин кэһиллиитэ буолар. Бу былчархай сорох килиэккэлэрэ инсулин диэн гормону оҥорон таһаарар аналлаахтар. Инсулин аҕыйах буоллаҕына, аһылыктан киирэр саахартан энергия кыайан оҥоһуллубат, оччоҕуна бары уорганнар үлэлэрэ атахтанар. Кэнники сылларга дакаастаммытынан, ноор инсулины элбэҕи да оҥорон таһаарар буоллаҕына, саахарынай диабет үөскүөн сөп эбит. Ол киһи уойдаҕына, сыа килиэккэҕэ (жировая ткань) наһаа элбээтэҕинэ, килиэккэлэр инсулины билбэт буолан хаалар эбиттэр, саахартан энергия оҥоһуллара мөлтүүр.

Саахарынай диабет икки көрүҥҥэ арахсар

1-кы  көрүҥ (1 тиип) – инсулинтан тутулуктаах.

2-с көрүҥ (2 тиип) – инсулинтан тутулуга суох. 1 көрүҥүнэн, инсулинтан тутулуктаах саахарынай диабетынан оҕолор уонна эдэр дьон ыалдьаллар. Кинилэр ноордоро куор, кыһыл ымынах, салгын уоспата, гепатит, паротит (свинка), гириип курдук вирустаах ыарыылар кэннилэриттэн инсулины оҥорон таһаарбат буолар.

2-с көрүҥү (2 тииптээх саахарынай диабеты) сааһырбыт дьон ыарыылара дэнэр, үксүгэр 40 сааһын ааспыт киһи бу көрүҥүнэн ыалдьар. Маннык ыарыһахтар  ноордоро инсулины оҥорон таһаарара аччыыр.

 Кимнээх ыалдьыахтарын сөбүй? 

Саахарынай диабекка тириэрдэллэр:

— Удьуордааһын. Төрөппүттэрэ эбэтэр чугас аймахтара ыалдьар буоллахтарына;

— Өлбүт оҕону уонна түөрт киилэттэн улахан ыйааһыннаах оҕону төрөппүт дьахталлар уонна итинник улахан ыйааһыннаах төрөөбүт оҕолор ордук ыалдьыахтарын сөп;

— Наһаа сыалаах-арыылаах аһылыгы сиэн уойааччылар;

— Хамсаммат-имсэммэт, наар олорон эрэ үлэлиир дьон;

— Туохтан эрэ улаханнык уолуйар, куттанар, санаарҕыыр дьон;

— Араас сыстыганнаах ыарыыларга (чуолаан, вирустаах) ылларбыттар;

— Арыгыттан, дьааттан эбэтэр мөлтөх хаачыстыбалаах аһылыктан сүһүрбүттэр;

— Панкреатит, искэн ыарыылаахтар, эчэйбиттэр, ноордорун эпэрээссийэлэппит дьон.

Хайдах саҕаланарый?

— Киһи наар утата сылдьар, ууну, чэйи иһэр-иһэр да, утаҕа хаммат;

— Айаҕа, бэлэһэ куурар, хатар;

— Сотору-сотору элбэхтик ииктиир, түүн хаста да турар;

— Сорохтор аһыыр баҕалара үчүгэй эрээри, түргэнник ыйааһыннара түһэр, ыраллар. Сорохтор, төттөрүтүн, түргэнник уойаллар;

— Ыарыһах түргэнник сылайымтыа, сэниэтэ суох, тиритэ сылдьар буолар;

— Сорохтор тириилэрэ кыһыйар, ордук ахталарынан, кутургуйа буулуур, кыра да баас оспокко эрэйдиир;

— Сорохтор тиистэрин миилэтэ ыалдьар, хааннырар, тиистэрэ хамсыыр, түһэр;

— Сорохтор харахтарынан көрөллөрө мөлтүөн сөп. 1-кы  тииптээх саахарынай диабекка бу сибикилэр бары уонна эмискэ биллэллэр. Оттон 2-с  тииптээх саахарынай диабет бытааннык, сыыйа-баайа саҕаланар. Ол иһин, үгүс киһи диабеттааҕын билбэт, кыратык айаҕа куурарыгар кыһаммат, элбэх чэйи, ууну иһэрин “мин бэйэм чэйимсэхпин” дии саныыр. Үгүс ыарыһахтар доруобуйаларын көрдөрөр кэмнэригэр, эпэрээссийэҕэ киирэргэ бэлэмнэнэ сылдьан, санаторнай карта толортороору, саахардара үрдүгүн билэн соһуйаллар. Саахар анаалыһыгар аччык искэ тарбахтан хаан ылыллар. Доруобай киһи хааныгар аччык искэр саахар 5,5-тэн үрдүгэ суох буолар.

Тымырдар кыарыыллар 

-Саахарынай диабеттаах киһи сааһын тухары ыалдьар, ол иһин, кини бу ыарыы туһунан элбэҕи билэрэ наада, бэйэтин кэтээн көрүөхтээх, дьиэҕэ саахарын бэрэбиэркэлиир глюметр диэн аппарааттаах буолара наада.

Саахарынай диабет куһаҕан содулларын сэрэтэр туһугар, саахара нуорматтан үрдээбэт буоларыгар кыһаллыахтаах. Саахар аһара үрдээтэҕинэ, 15-20 ммольтан үөһээ таҕыстаҕына, ыарыһах сэниэтэ суох, нукаай буолар, сытыан, утуйуон баҕарар. Ууну элбэҕи иһэр да, тыла чороччу хата турар уонна өйүн сүтэрэн охтон хаалар. Маннык ыарыһаҕы түргэнник балыыһаҕа илдьэр наада. Оттон сорох ыарыһах хас да сыл саахара 10 ммольтан өрүү үрдүк, кыайан түспэт буоллаҕына, сыыйа-баайа саахарынай диабет хойукку содуллара биллибитинэн бараллар. Аан маҥнай саамай кыра калибрдаах тымырдар – капиллярдар кыарыыллар, бүөлэнэллэр. Биллэрин курдук, саамай синньигэс капиллярдар киһи хараҕар бааллар. Ол иһин, саахар үрдээтэҕинэ, ыарыһах көрөрө мөлтүүр, “туман” курдук көрөр буолар, катаракта, глаукома диэн харах ыарыылара үөскүүллэр. Оттон сороҕор кыараабыт тымыр быстан, харах түгэҕэр хаан турдаҕына, эмискэ көрбөт буолуохха сөп. Саахар үрдүк буоллаҕына, сүрэхтэн саамай ыраах сытар киһи уллуҥаҕын капиллярдара кыарыыллар, бүөлэнэллэр. Оччоҕуна уллуҥах тириитэ куурар, хайыта барар, тарбахтара утуйа сылдьар курдук көһүйэллэр, тоҥоллор. Ол иһин, кыра да баас, дьуккуруйуу оһон биэрбэт. Инфекция киирдэҕинэ, сүһүрүү, гангрена саҕаланар. Атаҕы быстахха, ампутациялаатахха эрэ тыыннаах хаалар турук үөскүүр. Оттон улахан калибрдаах тымырдар – артериялар саахар үрдүгүттэн эмиэ кыараан бүөлэниэхтэрин сөп. Сүрэх былчыҥын аһатар коронарнай артерия бүөлэннэҕинэ — инфаркт миокарда, мэйии тымыра бүөлэннэҕинэ, инсульт курдук ыарахан ыарыылар суоһууллар.

Бүөр тымырдара кыараан бүөлэннэхтэринэ, бүөр үлэтэ сыыйа мөлтөөн, “почечнай недостаточность” саҕаланар. Ол аата, быар даҕаны, бүөр даҕаны инсулины таһаарбат, хааны ыраастаабат буолаллар. Ууһуур-үөскүүр уорганнар саахар үрдүгүттэн эмиэ эмсэҕэлииллэр – эр дьон потенциялара кыччыыр, дьахталлар ыйданаллара кэһиллэр. Онтон сылтаан оҕоломмот, ууһаабат буолуохха сөп.

Аһылык эмп буолар

 Гиппократ:

“Саахарынай диабеттаах киһиэхэ аһылык эмп буолар, оттон эмп аһылык курдук буолар”, — диэн былыр үйэҕэ эппит эбит. Ыарыһах ыйааһыныттан, этэ-сиинэ төһө ноҕуруускаламмытыттан көрөн, аһылык калорийноһа ананар. Ону ааҕарга-суоттуурга, ыарыы содулларын сэрэтэргэ “Саахарынай диабет оскуолатыгар” үөрэтэбит. Күҥҥэ түөртэ-алтата кыралаан аһыыр ордук, оччоҕо саахар аһара үрдээбэт. Күннээҕи аһылык 60% углеводтан, 20% белоктан, 20% сыаттан турар гына суоттаныллар. Аһылыгы таһынан күҥҥэ хайаан да 30-45 мүнүүтэттэн итэҕэһэ суох хамсаныы туһалаах. Хамсаныы саахар былчыҥ килиэккэтигэр киирэн умайан, энергия таһаарарын түргэтэтэр, оччоҕуна хааҥҥа баар саахар аҕыйыыр. Ыарыһах сааһыттан, атын уорганнарын туругуттан көрөн, сорохторго хаамыы, бэдьэйэн сүүйүү, сорохторго бэлисипиэти тэбии, харбааһын, хайыһар, ыскакаалка уо.д.а. ананар. 9-с диетаны тутуһан уонна хамсанан, саахары нуормаҕа диэри түһэрэр буоллахха, саахарынай диабет чэпчэки формата дэнэр. Оттон саахар нуормаҕа диэри түспэт буоллаҕына, саахары аччатар табылыыссанан эмтэри быраас аныыр.

Хайдах харыстаныахха?

— Минньигэс, саахардаах астарынан үлүһүйүмүөххэ;

— Сыалаах-арыылаах, ыһаарыламмыт аһы аччатыахха;

— Бэйэҥ уҥуоххар сөп ыйааһыннаах буолар наада, кыра да уойуу куһаҕан;

— Физкультуранан, успуордунан дьарыктаныҥ, эти-сиини хамсатан үлэлиир туһатын умнумаҥ;

— Тымныйан ыалдьыбат, тоҥмот курдук эти-хааны эрчийиҥ;

— Арыгыны уо.д.а. сүһүрдэр астары тохтотуҥ;

— Ньиэрбинэй систиэмэ, уйулҕа айгыраабатын курдук сылдьыҥ;

— Саахар анаалыһын туттаран, бэрэбиэркэлэнэ сылдьар наадатын умнумаҥ.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
13 декабря
  • -36°C
  • Ощущается: -36°Влажность: 68% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: