Бүгүн «Саха сирэ» хаһыат тугу суруйда?
«Саха сирэ» хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр туох-ханнык кэрэхсэбиллээх матырыйааллары ааҕыахха сөбүй
Күүлэкээн «Мобилизацияттан сэдиптээн үөскүүр санаалар» диэн ыстатыйатыгар быстах хомууртан сиэттэрэн кинини долгутар боппуруостарга судаарыстыба, араас таһымнаах салайар уорганнар уонна уопсастыба сыһыаннарын туһунан бэйэтин санаатын аһаҕастык үллэстэр.
Арассыыйа уонна Украина икки ардыларыгар билиҥҥи буола турар уустук балаһыанньа туохтан силистэнэн-мутуктанан тахсыбытын, инникибитин тымтыктанан көрөн хайдах-туох салаллан олоруохтаахпытыгар тиийэ политолог, хаһыат эрэдээктэрэ Чокуур Гаврильев “Сэмсэ санаа” анал биэриитигэр биллэр-көстөр устуорук, устуоруйа билимин хандьыдаата Афанасий Николаевтыын кэпсэппитин икки балаһаҕа сэҥээрэн ааҕыаххыт.
Аммаҕа “хаар үҥкүүлүүр” кэмигэр “Сахамедиа” суруналыыстарын бөлөҕө Саһыл Сыһыыга ыытылла турар саҥардан тутууну көрө баран иһэн, “Амма” тыа хаһаайыстыбатын производственнай кооперативыгар таарыйан ааста.
«Тыа хаһаайыстыбатын астыыр-үөллүүр (переработкалыыр) потребительскай кэпэрэтиибин Партизанскай уулуссаҕа турар хонтуоратыгар биир ыскаап толору араас солотуулаах араамалаах наҕараадалар, кубоктар кэчигирээн тураллара харахха быраҕылынна уонна сөхтөрдө даҕаны. Бэрт эрчимнээхтик туттан эдэр киһи, бэрэссэдээтэл Айысен Черноградскай киирэн: “Барыбыт кыайыытынан!” – диэн эҕэрдэлээтэ. Ол кыайыы – Бүтүн Арассыыйатааҕы тыа хаһаайыстыбатын “Көмүс күһүн” быыстапка-дьаарбаҥкатыгар үс кыһыл көмүс мэтээли (арыы, отон барыанньата, сироба,) ылыы. Дьэ, туһугар үөрүүлээх сонун!» -– диэн соторутааҕыта Амма улууһугар сылдьыбыт суруналыыс Женни Стрюкова репортаһын ааҕыҥ.
Аҕыйах хонуктааҕыта СӨ учууталларын уонна педагогическай уопсастыбаннаһын XIV сийиэһэ түмүктэннэ. Бүгүҥҥү нүөмэрбитигэр суруналыыс Людмила Попова «Сийиэс силигин ситтэ» диэн матырыйаалыгар болҕомтону эрэйэр үс сүрүн түгэҥҥэ тохтоон, санаатын үллэстибитэ сийиэскэ сылдьыбатах да ааҕааччыны толкуйдатар. Дьэ, ол ханнык үс түгэҥҥэ тохтообутун бу матырыйаалы аахтаххытына билиэххит.
«Алта аҥаартан үөрэх күнэ саҕаланар. Аҕыһы уон мүнүүтэ ааһыыта дойду былааҕын күөрэччи көтөҕөн өрөгөй ырыатын истии кэнниттэн «Разговоры о главном» диэн кылаас чааһа буолар. Ити курдук үөрэхтэрэ саҕаланар», -– диэн суруналыыс Ульяна Захарова «Кадеттар оскуолаларыгар биир күн» диэн интэриэһинэй репортаһа бэчээттэннэ.
Суруналыыс Егор Карпов «Аныгы кэмҥэ барсар дуо?» диэн ыстытатыйатыгар Коми Өрөспүүбүлүкэтин Ыччат тыйаатыра көрдөрбүт «Игра в фанаты» пьесатын 2016 сыллаахха Саха тыйаатырын артыыһа, режиссера Валентин Макаров бэйэтин үөрэнээччилэрин, АГИКИ устудьуоннарын кытта “Олох оонньуута” диэн ааттаан туруорбут испэктээгин кытта тэҥнээн, ырыҥалаан көрөр.
«Толору дьиэ кэргэҥҥэ саамай сүрүнэ, эр киһи уонна дьахтар сыһыаннара, биир сыаллаах-соруктаах, тапталынан олорор буолуохтаахтар. Дьахтар дьолунан сыдьаайа сылдьар, бу олоҕуттан астынар-дуоһуйар, тугу баҕарара барыта баар буоллаҕына, дьиэ кэргэн эмиэ толору дьоллоох, ситиһиилээх буолар, үөрүүнэн, тапталынан туолар. Тоҕо диэтэххэ, дьиэ иһинээҕи эйгэни ийэ тэрийэр, киниттэн оҕолор инникилэрэ, ситиһиилээх, дьоллоох буолаллара тутулуктаах. Оттон дьахтар дьоллоох буоларын кэргэнэ хааччыйар. Манны үтүө санаанан салайтаран олорор үс уол оҕолоох Надежда уонна Владимир Ю дьиэ кэргэннэрин туһунан Ангелина Васильева «Саха ыала» сыһыарыыга сырдаппыт.
Ити курдук, биһиги суруналыыстарбыт уонна уопсастыбаннай кэрэспэдьиэннэрбит, ааҕааччыларбыт суруктара куруук даҕаны ааҕааччыны сэҥээрдэллэр, толкуйдаталлар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: