Бүгүн Саха сиригэр Урбаанньыт күнэ бэлиэтэнэр. Ил Дархан Айсен Николаев бу күн Горнай улууһун урбаанньытын Нюргуяна Сивцева туһунан телеграм-ханаалыгар сырдатта.
«Нюргуяна — алта оҕолоох ийэ. Кини 15 сыл иитээччинэн үлэлээн баран, кэргэнин Александры кытта урбаанньыт буоларга санаммыттар. Баҕа санааларын толороллоругар диэн бастаан социальнай хантараагы туһаммыттар.
Бу ыал дьулуурдаах уонна үлэни таптыыр буолан, итиэннэ судаарыстыбаннай өйөбүл миэрэлэрин туһанан, билигин улахан хаһаайыстыбаны тутан олорор. Быйыл кинилэр «Мин бастакы хамнаһым» пилотнай бырайыакка кыттан, улаатан эрэр 11 оҕону хамнастаан үлэлэппиттэр. Инникитини сүөһүлэрин төбөтүн элбэтэн, сылгы хаһаайыстыбатын тэринэр былааннаахтар.
Нюргуяна устуоруйата баҕа санаа туоларын көрдөрөр. Биһиги өрөспүүбүлүкэбит урбаанньыттара — күүстээх санаалаах, сөптөөх быһаарыныылары ылынар, үлэни таптыыр, Саха сирин сайдыытыгар кылааттарын киллэрэр дьон.
Бырааһынньыган эҕэрдэлиибин! Саха сирин урбаанньыттарыгар дьолу, табыллыыны, ситиһиилэри баҕарабын!» — диэн Ил Дархан суруйда.
Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар -52 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.…
Бу күннэргэ Мэҥэ Хаҥалас улууһугар Сыымахха командировкаҕа сылдьан, киһи кэрэхсиир түгэнин көрөн, сырдатарга сананным. Васильевтар…
Көрсүһүүгэ сүрүн болҕомто Саха сиригэр национальнай бырайыактары уонна РФ Бэрэсидьиэнин сорудахтарын олоххо киллэриигэ уурулунна. "Айсен…
Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии уустук сылларыгар тыыл үлэтэ байыаннай балаһыанньа ыйарынан былааннанара. «Барыта фроҥҥа, барыта…
Маны билэҕит дуо? Куоска минньигэс амтаны билэр дуо? Оттон саамай улахан кинигэ төһө ыйааһыннаах буолуо…
Бүгүн, ахсынньы 11 күнүгэр, Бырабыыталыстыба дьиэтигэр, Өрөспүүбүлүкэ саалатыгар "Мин Сахам сирэ XXI үйэҕэ" үтүө дьыала…