Бүгүн, алтынньы 23 күнүгэр, Саха сирин алмааһы кырыылыыр уонна ювелирнай бырамыысылыннас үлэһиттэрэ идэлээх бырааһынньыктарын бэлиэтииллэр.
Аан бастаан бу бырааһынньык 2009 сыллаахха «Золото Якутии» тэрилтэ көҕүлээһининэн тэриллибитэ. Онтон 2010 сыл муус устар 26 күнүгэр өрөспүүбүлүкэ оччотооҕу Бэрэсидьиэнэ Вячеслав Штыров Ыйааҕынан алмааһы кырыылааччылар уонна ювелирдар идэлээх бырааһынньыктарын алтынньы 23 күнүгэр бэлиэтиир буолбуттара.
Бу күн 1992 сыл алтынньы 23 күнүгэр Сунтаар алмааһы кырыылыыр собуотугар Саха сирин устуоруйатыгар аан бастакы күн тааһа – алмаас кырыыламмыта. 0,546 караттаах алмаастан 0,27 караттаах дьэрэкээн бирилийээн чочуллан тахсыбыта. Ювелирнай уонна алмааһы кырыылыыр бырамыысыланнас үлэһиттэрин күнүн олохтооһун тустаах салаа үлэһиттэригэр ытыктабыл уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин сайдыытыгар ювелир-кырыылыыр салаа дьоһун суолталааҕын билинии буолар.
Бэлиэтээн эттэххэ, Саха сирин сиригэр-уотугар көстүбүт муҥутуур улахан кээмэйдээх (332 караат) алмаас аата – «XXVI съезд» диэн. Бу бөдөҥ алмааһы 1981 сыл тохсунньу 14 күнүгэр симиэнэ маастара Т.Н. Попова таба тайаммыта. Бу алмаас билигин Москуба Кириэмилин Алмаастаах пуондатыгар харалла сытар.
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Дьокуускайга 36 кв.м. иэннээх кыбартыыраҕа баһаар буолла. Өлбүттэр суохтар, биэс киһи…
Оҕо эрдэххэ дьаабылыка сыта, мандарин амтана наһаа да минньигэс уонна ураты буолара. Саҥа дьыл үөрүүтүн,…
Сыл – хонук. Номнуо үйэ чиэппэрэ ааһа охсубут. Оттон киэн туттан бүгүн кэпсээри оҥостор киһибит …
Горнай улууһун Одуну нэһилиэгэр айрширскай боруодалаах ынах бастакы ньирэйин төрөппүтүн туһунан "Үлэ күүһэ" хаһыат телеграм-ханаала…
"Сахафильм" киинэ хампаанньата уонна СӨ Национальнай бибилэтиэкэ 10 сахалыы киинэни босхо көрдөрөллөр. "Киинэни ааҕабыт!" аахсыйа…
Саха киинэтэ 1990 сылтан силис-мутук тардар. Бу сыл “Северфильм” киинэ устуудьуйата тэриллибитэ, ол 1992 сыллаахха…