Бүгүн — Саха сирин былааҕын күнэ
Бүгүн — Саха сирин былааҕын күнэ. 1992 сыллаахха алтынньы 14 күнүгэр 1158-XII нүөмэрдээх Ыйааҕынан бигэргэммитэ. Ыйаах 1159-XII нүөмэрдээх ыйааҕынан ылыныллыбыт. Бу күн былаах Саха Өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтин дьиэтин үрдүгэр Арассыыйа Федерациятын былааҕын кытта сэргэстэһэ күөрэйбитэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа — Саха Өрөспүүбүлүкэтин ил бэлиэтэ. Арассыыйа геральдическай регистрыгар 183-с нүөмэринэн бэлиэтэммитэ. Саха Өрөспүүбүлүкэтин былааҕа түөрт тэҥ сытыары дьураа ойуулардаах, сырдык халлаан күөх, маҥан, кыһыл уонна от күөх. Халлаан күөх өттө 3/4 киэҥин ылар, маҥан — 1/16, кыһыла 1/16, от күөҕэ 1/8. Халлаан күөх дьураа ойуутун ортотугар маҥан төгүрүмтэ баар. Төгүрүмтэ кээмэйэ былаах киэҥиттэн 2/5 буолар (Сахалыы бикипиэдьийэттэн)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: