Муус устар 17 күнүгэр Саха сиринээҕи Ис Дьыала министиэристибэтин кэллиэгийэтин саалатыгар Ис Дьыала уорганнарын бэтэрээннэрин күнүгэр анаммыт үөрүүлээх тэрээһин буолла.
Бу туһунан СӨ ИДьМ пресс-сулууспата иһитиннэрэр. Бэтэрээннэри Саха сиринээҕи Ис Дьыалаҕа миниистирэ, полиция генерал-лейтенана Владимир Прокопенко эҕэрдэлээтэ. Кини Ис Дьыала уорганнарын тиһигэр бэтэрээннэр хамсааһыннара уонна уһуйаан үнүстүүтүн үлэлэрэ ураты хамсааһын буолалларын бэлиэтээтэ.
Тэрээһиҥҥэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Сэрии, үлэ, Сэбилэниилээх күүстэр уонна быраабы араҥаччылыыр уорганнар бэтэрээннэрин (биэнсийэлээхтэрин) уопсастыбаннай тэрилтэлэрин бэрэссэдээтэлэ Вильям Иванов, СӨ быраабы араҥаччылыыр уорганнарын бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Эдуард Федоров, Ил Түмэн бэрэсээдээтэлин солбуйааччы Александр Подголов, о.д.а. кыттыыны ыллылар.
Үөрүүлээх бырааһынньыгы «02 сулууспа» ансаамбыл киэргэттэ. Ону кытта бэтэрээннэргэ бочуоттаах наҕараадалары туттардылар.
Кутурук иилиммит, сирэйигэр куоска мааскалаах эрдэҕэс саастаах кыыс оҕо оонньуур былаһааккатыгар түөрт атах буолан сылдьарын…
Бэҕэһээ, ыам 17 күнүгэр, Амма улууһугар быйыл ыытыллар Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр кэмитиэт көһө сылдьар сүбэ-мунньаҕа…
Дьылбыт быйыл эрдэлээн иһэр буолан, сайылыктаахтар көһүүлэриттэн саҕалаан, тыа сиригэр үлэ тэтимэ биир кэм оргуйан…
Саас харалдьык саҕана тымныыны, хаары-ардаҕы билиммэккэ нуоҕайа үүнэр кэрэчээн ньургуһун сибэккини хоту сир дьоно олоххо…
Бүгүн Аан дойдуга Түмэл күнэ. Бу бэлиэ күнүнэн Емельян Ярославскай аатынан Хотугу норуоттар устуоруйаларын уонна…
Ыам ыйын 18 күнүнээҕи туругунан, Өлүөнэ өрүскэ муус барыыта Нам улууһун сиринэн-уотунан бэлиэтэнэр. Дьону Аллараа…