Бүгүн Саха сирин норуодунай артыыһа Владимир Татаринов 80 сааһын туолла

Share

Норуот таптыыр ырыаһыта Владимир Татариновы  “Нам” түмсүү сэбиэтэ маннык эҕэрдэлиир.

«Бүгүн  Нам улууһун бочуоттаах киһитэ,Саха Өрөспүүбүлүкэтин  норуодунай артыыһа,Үөдэй нэһилиэгин ытык киһитэ  Владимир Семенович Татаринов 80 сааһын томточчу туолбутунан ис сүрэхтэн эҕэрдэлиибит.

52 сыл устата Владимир гитаратын  туппутунан,  эстрада алыптаах эйгэтигэр чаҕылхай   суолун тэптэ. «Иэхэй-чуохай» ансаамбылын кытта аан дойду элбэх сиригэр саха ырыатын дьиэрэттэ.

 Владимир Семенович айбыт ырыаларын норуот уоһуттан түһэрбэт. Василий Гольдеров тылларыгар  «Умнуллубат онус кылаас»  ырыа оскуоланы бүтэрэр оҕолор гииминнэрэ  буолан   дуорайар.

Убаастабыллаах Владимир Семенович! Чэгиэн буол, айар үлэн күөрэйдин, дьиэ кэргэнин дьоллоох буолун!»

БЫҺААРЫЫ:

Владимир Семенович Татаринов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин  Эстрада тыйаатырын ырыаһыта, Саха сирин  толорооччу-ааптардар сойуустарын чилиэнэ,”Иэхэй-чуохай” кантри-фолк бөлөҕү тэрийээччи.

Саха сиригэр  сахалыы гитаранан  ырыаны бастакынан киллэрбит  киһинэн киэҥник биллэр. Кини – эдэр көлүөнэ артыыстары уһуйааччы. Нам улууһун бочуоттаах гражданина.

Владимир Татаринов 1945 сыл тохсунньу 21 күнүгэр Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1974 сыллаахха Л.С.Маслюков аатынан Бүтүн Арассыыйатааҕы эстрада ускуустубатын айар мастарыскыайын бүтэрбитэ. Кини айбыт 70-тан тахса ырыатыттан үксэ боростуой үлэһит киһиэхэ ананар.  “Саҥа хаар” ырыата   бэйэтин толоруутугар “Мелодия” Бүтүн Сойуустааҕы устуудьуйаҕа уһуллубута.

Норуодунай артыыс сахалыы ырыаны толоруу ускуустубатын Москва, Санкт-Петербург, Сочи уонна омук дойдуларын кэнсиэртиир былаһааккаларыгар элбэхтик билиһиннэрбитэ. “Табык” бэстибээлгэ, Дьокуускайга рок уонна поп-муусука норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээлигэр, сэбиэскэй ырыалар Бүтүн Арассыыйатааҕы бастакы куонкурустарыгар, Италияҕа фольклор бэстибээлигэр, Аляска штатыгар эйэ пуорумугар кыттыбыта. Владимир Семенович — Саха сирин ыччатын бэстибээлин (1965 с.),  Ыччат ырыатын өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруһун (1972 с.), гитаранан ырыа бэстибээлин (1989 с.), Дмитрий Дыдаев хоһоонноругар мелодистар уонна самодеятельнай композитордар өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкурустарын (1992 г.) лауреата.

What’s your Reaction?
+1
6
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
1
+1
1

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Спорт
  • Уопсастыба

Хатаска мас-рестлиҥҥэ Дьокуускай чөмпүйэнээтэ ыытыллыаҕа

Тохсунньу 25 күнүгэр Хатаска "Көмүс мас" мас-рестлиҥҥэ күрэхтэһии ыытыллыаҕа. Бу күрэхтэһии Дьокуускай аһаҕас чөмпүйэнээтин быһыытынан…

2 часа ago
  • Бэрээдэк

Арыгылаары, доҕорун бэлисипиэдин уорбут

Дьокуускайдааҕы ИДьМ 3-с №-дээх салаатыгар олохтоох киһи 45 тыһ. солк. суумалаах бэлисипиэдин уордарбытын туһунан иһитиннэрбит.…

3 часа ago
  • Сонуннар

«Дальний Восток — земля приключений» куонкурус туризм сайдыытыгар көмөлөһөр

РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы -- Уһук Илиҥҥэ РФ бэрэсидьиэнин боломуочуйалаах бэрэстэбиитэлэ Юрий Трутнев "Россия 24"…

3 часа ago
  • Сонуннар
  • Тыа хаһаайыстыбата

Өлөөҥҥө тохсунньу ый тымныйда

Өлөөн улууһугар  тохсунньу ыйы быһа тымныы күн-дьыл турар. Ол курдук, ахсынньы ый бүтүүтэ кыһын баарын…

3 часа ago
  • Култуура
  • Сонуннар

Чурапчы норуодунай тыйаатырын 70-ус сс. ыччаттарын ахтан-санаан ааһыахха

РСФСР уонна Саха АССР норуодунай артыыһа П.М.Решетников аатынан Чурапчы норуодунай тыйаатырыгар 70-ус сылларга үлэлээбит ыччаттары…

4 часа ago
  • Бэрээдэк

Ньурбаҕа эр киһи кыыһыран баран, таҥас сууйар массыынаны алдьаппыт

Ньурба оройуоннааҕы ИДьМ салаатыгар олохтоох дьахтар төлөпүөннээн, бииргэ олорор киһитэ кыыһыран баран, дьиэ иһинээҕи малы-салы…

4 часа ago