Бүгүн Саха сирин сорох улуустарыгар +18 кыраадыс буолара күүтүллэр
15.05.2025, 07:00

СИА хаартыската
Бөлөххө киир:
Бүгүн, ыам ыйын 15 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +18 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Киин, илин, арҕаа уонна Халыма-Индигиир улуустарыгар сөҥүүлээх.
Сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, Эдьигээҥҥэ, Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга сорох сирдэринэн, Арктика кытылынан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Түүн салгын температурата +1+6°, халлаан халыннаҕына уонна арҕаа, хоту 0,-5°, хотугулуу-арҕаа -3-8°, күнүс +4+9°, хотугулуу-арҕаа -3,+2°, Халымаҕа +13+18°.
Дьокуускайга түүн +1+3°, күнүс +6+8°. Сарсыарда уонна күнүс ардахтаах, сөкүүндэҕэ 4-9 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: