Бүгүн Саха сирин сорох улуустарыгар инчэҕэй хаар түһүөҕэ
06.08.2025, 06:00

Айтана Аммосова хаартыската.
Бөлөххө киир:
Бүгүн, атырдьах ыйын 6 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар этиҥнээх ардах, инчэҕэй хаар түһэрэ, итиэннэ +24 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Уус Алдаҥҥа, Чурапчыга, Тааттаҕа, Аммаҕа, Уус Маайаҕа, Томпоҕо сорох сирдэринэн этиҥнээх ардах түһэрэ күүтүллэр.
Өлөөҥҥө, Эдьигээҥҥэ, Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга сорох сирдэринэн хотуттан сөкүүндэҕэ 15-20 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Томпоҕо ардах, сорох сирдэринэн дохсуннук ардыыра күүтүллэр.
Эбээн Бытантайга, Дьааҥыга, Усуйаанаҕа сорох сирдэринэн ардыаҕа, хайаларга инчэҕэй хаар түһэрэ сабаҕаланар.
Күнүс салгын температурата +19+24°, хотугулуу-арҕаа +10+15°, хоту сорох сирдэринэн +4+9°.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: