Бүгүн саха тылын эмчитэ Дапсы төрөөбүт күнэ
Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр, саха биллиилээх лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, араадьыйа биэриитин ааптара Михаил Петрович Алексеев-Дапсы төрөөбүт күнэ.
Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, Намнааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ Прасковья Байанаева уонна Мария Мохначевская-Марта Мария улуустааҕы араадьыйаҕа бэртээхэй биэриини таһаардылар.
— Сахабыт тыла ыраас, туруктаах буоларыгар элбэх сыратын биэрэ сылдьар киһибит Саха араадьыйатыгар 1992 сылтан ыла «Биһирэм тыл» диэн өрөбүл аайы тахсар биэриилээх. Ийэбит тыла кыараан иһэрин бары билэ-көрө сылдьабыт. Бу маннык сахабыт тылын ыктарыылаах кэмнэригэр тылбытын харааннааччы — Михаил Алексеев-Дапсы. Ол туһугар олоҕун анаабыт күндү киһибитин төрөөбүт алгыстаах күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит», — диэн ыытааччылар биэриилэрин алгыс тыллартан саҕалаатылар.
БЫҺААРЫЫ:
Михаил Петрович 1936 сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Боотулуутун Оноҕоччут сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1943 сыллаахха кинини Бүлүүгэ оҕо дьиэтигэр ииттэрэ биэрбиттэрэ.
1945 с. Боотулуу 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1954-57 сс. Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан орто оскуолаҕа үөрэммитэ. 1957-62 сс. — СГУ саха тылын салаатын маҥнайгы бүтэрээччи. 1962 сылтан — Хоро 8 кылаастаах, Далыр, Үөһээ Бүлүү орто, киэһээҥҥи оскуолаларын учуутала, хомсомуол кэмитиэтигэр оскуола салаатын сэбиэдиссэйэ. 1965 сыллаахха Тыл, литература, устуоруйа институтугар үлэлээбитэ. 2 сыл Дьокуускай куорат исполкомугар инженердээбитэ. 2 сыл «Эдэр коммунист», 13 сыл «Кыым» хаһыаттарга үлэлээбитэ. 1982 сылтан — ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Дапсы филология наукатын хандьытаата, РНА үтүөлээх бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, элбэх улахан тылдьыт ааптара.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: