Бүгүн саха тылын эмчитэ Дапсы төрөөбүт күнэ

Share

Бүгүн, сэтинньи 6 күнүгэр,  саха биллиилээх лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, араадьыйа биэриитин ааптара Михаил Петрович Алексеев-Дапсы төрөөбүт күнэ.

Бу кэрэ-бэлиэ түгэҥҥэ түбэһиннэрэн, Намнааҕы «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ Прасковья Байанаева уонна Мария Мохначевская-Марта Мария улуустааҕы араадьыйаҕа бэртээхэй биэриини таһаардылар.
— Сахабыт тыла ыраас, туруктаах буоларыгар элбэх сыратын биэрэ сылдьар киһибит Саха араадьыйатыгар  1992 сылтан ыла «Биһирэм тыл» диэн өрөбүл аайы тахсар биэриилээх. Ийэбит тыла кыараан иһэрин бары билэ-көрө сылдьабыт. Бу маннык сахабыт тылын ыктарыылаах кэмнэригэр тылбытын харааннааччы — Михаил Алексеев-Дапсы. Ол туһугар олоҕун анаабыт күндү киһибитин төрөөбүт алгыстаах күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит»,  — диэн ыытааччылар биэриилэрин алгыс тыллартан  саҕалаатылар.

БЫҺААРЫЫ:
Михаил Петрович 1936  сэтинньи 6 күнүгэр Үөһээ Бүлүү Боотулуутун  Оноҕоччут  сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1943 сыллаахха кинини  Бүлүүгэ оҕо дьиэтигэр ииттэрэ биэрбиттэрэ.
1945 с. Боотулуу 7 кылаастаах оскуолатыгар үөрэнэ киирбитэ. 1954-57 сс. Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан орто оскуолаҕа үөрэммитэ. 1957-62 сс. — СГУ саха тылын салаатын маҥнайгы бүтэрээччи. 1962 сылтан —  Хоро 8 кылаастаах, Далыр, Үөһээ Бүлүү орто, киэһээҥҥи оскуолаларын учуутала, хомсомуол кэмитиэтигэр оскуола салаатын сэбиэдиссэйэ. 1965 сыллаахха  Тыл, литература, устуоруйа институтугар үлэлээбитэ. 2 сыл Дьокуускай куорат исполкомугар инженердээбитэ. 2 сыл  «Эдэр коммунист», 13 сыл  «Кыым» хаһыаттарга  үлэлээбитэ. 1982 сылтан — ССРС Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Дапсы филология наукатын хандьытаата, РНА үтүөлээх бэтэрээнэ, СӨ култууратын туйгуна, элбэх  улахан тылдьыт ааптара.

What’s your Reaction?
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар

Саҥа сылы оһуокайдаан көрүстүбүт

Быйылгы 2025 сыллаах Оһуокайбыт Аар Дархан этээччибит, сүүс сааһыгар үктэнэрэ аҕыйах сыл эрэ хаалбыт ытык…

11 часов ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Санаторийга барарга чэпчэтиилээх путевканы хайдах ылыахха сөбүй?

Санаторийга сынньана ОМС полиһынан босхо барыахха сөп. Ол туһуттан терапевтан направление ылар наада диэн объясняем.рф…

12 часов ago
  • Сонуннар

Дьокуускай 39-с оскуолатын үөрэнээччилэрэ Арассыыйатааҕы кэмпириэнсийэҕэ ситиһиилээхтик кытыннылар

Ааспыт сыл ахсынньы 10-12 күннэригэр Москваҕа «Космос» конгресс-кииҥҥэ XXXIV төгүлүн ыытыллар Бүтүн Арассыыйатааҕы үөрэнээччилэр кэмпириэнсийэлэрэ буолан…

12 часов ago
  • Сонуннар

СҮБЭҺИТ: Баҕа санаа хаартата

Билиҥҥи кэмҥэ үгүс дьон Баҕа санаа ­хаартатын оҥорорунан үлүһүйдэ. Баҕа са­нааҕын барытын толорор үһү диэн…

13 часов ago
  • Сонуннар

Орто Халымаҕа сүппүт ыал этэҥҥэ дьиэтин булла

Бүгүн, тохсунньу 5 күнүгэр, СӨ Быыһыыр сулууспата Орто Халымаҕа массыынанан айаннаан иһэр оҕолоох дьон сүппүттэрин…

14 часов ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Эдьигээҥҥэ Дьокуускайтан хочуолунай саппаас чаастарын илдьэ сөмөлүөт көтүөҕэ

Дьокуускайтан Эдьигээҥҥэ АН-26 сөмөлүөт хочуолунай үлэтин сөргүтэргэ саппаас чаастары илдьэ көтүөҕэ. Бу туһунан СӨ бырабыыталыстыбатын…

14 часов ago