Салгыы
Бүгүн саха юристарын ытык киһитин төрөөбүт күнэ

Бүгүн саха юристарын ытык киһитин төрөөбүт күнэ

21.11.2023, 12:30
Хаартыска И.Николаев тиксэриитэ
Бөлөххө киир:

Бүгүн, сэтинньи 21 күнүгэр,  саха омук бастакы улахан юриһа, омугун улуу дьоннорун ааттарын төннөрүүгэ олус элбэҕи оҥорбут, Саха сиригэр үрдүк юридическай үөрэхтээһини төрүттээбит Ытык киһибит Михаил Михайлович Федоров төрөөбүт күнэ. Кини сырдык аатын өйдөөн ааһыаххайыҥ, биһиги өйдүүрбүт тухары кинилэр тыыннаахтар!

 

1971 с. биһиги Саха Сириттэн уон буолан Харьковтааҕы юридическай институкка үөрэххэ киирбиппит. Мин ордук «Судаарыстыба уонна быраап устуоруйата” биридимиэти сөбүлүүрүм. Ол иһин ити биридимиэккэ куурустааҕы үлэбин суруйарга былааннаммытым.

Кыһыҥҥы каникулга Чурапчы Кытаанаҕар дьоммор кэлэ сылдьыбытым, онно аҕам Игнатий Яковлевич юристка наада буолуо диэн, миэхэ анаан булбут кинигэтин бэлэхтээбитэ уонна: «Бу сахаттан бастакынан юридическай наука хандьытаата буолбут, өрөспүүбүлүкэ борокуруорунан үлэлээбит Михаил Михайлович Федоров диссертацията кинигэ буолан тахсыбыт, биһиги омукка быһаччы сыһыаннаах үлэ, туһаныаҥ этэ», — диэбитэ . Диссертация тиэмэтэ «Развитие советской государственности в Якутии» диэн эбит этэ. Бэйэм сөбүлүүр хайысхам буолан үөрбүтүм, аҕабар махтаммытым. Куурустааҕы үлэм тиэмэтин «Особенности развития советской государственности в автономных республиках РСФСР на примере Якутской АССР» диэн ааттаабытым. Онтум “туйгун” сыананан бэлиэтэммитэ. Онно, биллэн турар,  Михаил Михайлович үлэтин туһаммытым быһаарар оруолу ылбыта.

Дьэ, ити курдук саха уһулуччулаах учуонай юриһын, омук бастыҥ дьонуттан биирдэстэрин  Михаил Михайлович Федоровы кытары кэтэхтэн да буоллар билсэн турардаахпын, үлэтин нөҥүө кини дириҥ билиититтэн, өйүттэн-санаатыттан бэйэм кыра кыаҕым иһинэн бэриһиннэрбит буолуохпун сөп. Аҕам кинигэни анаан мунньар, суруттарар буолан правовой тиэмэлэргэ миэхэ анаан кинигэ булан уурара уонна бэлэхтиирэ, омук уһулуччулаах дьоннорун туһунан бэрт элбэҕи үөрэтэрэ, билэрэ. Оҕолорун, биһигини, омук тумус туттар ураты дьонун таба сыаналыырга, ытыктыырга уһуйара.

1987 с. Орто-Халыма улууһугар судьуйанан ананан үлэлии тиийбитим. Халыма сахаларын төрүттэрин-уустарын, майгыларын-сигилилэрин уратытын билсээри мындыр өйдөөх дьоннорун анаан билсэр, элбэхтик кэпсэтэр, алтыһар этим. Онно Егор Батюшкин диэн Халыма дьонугар балачча биллэр, бэйэтэ туһунан көрүүлээх, сэһэннээх сааһырбыт киһини билсибитим.

Кини биирдэ кэпсээн турардаах: «Сэрии бүтүүтэ мин үлэ фронугар Маҕаҥҥа үлэлээбитим, онно биир Федоров Федор Михайлович диэн Таатта киһитэ баара, кини кэпсэтии бириэмэтигэр хаста даҕаны: «Туох да буруйа суох хаарыан дьоммутун Аммосовы, Ойуунускайы суох оҥортоотулар, элбэх дьону хаайыыга ыыталаатылар, былаас бэйэтин-бэйэтэ сиэн эрэр…» — диэн этитэлээбитин ким эрэ үҥсэн биэрбит быһыылааҕа, онон киһибитин тутан барбыттара, биһигини доппуруостаабыттара, ону хайдах баарынан кэпсээбиппит. Кэнники “сирэй көрүһүннэрии” диэн оҥорбуттара, онно Федор Федоров олох кубарыйан хаалбыт, хаанынан силлии сылдьар буолбут этэ. Ол да олорон иннин олох биэрбэккэ, эппитин этэ олорбута, олус да кытаанах киһи эбит диэн сөҕө санаабытым. Суукка эмиэ эппитин кубулуппатаҕа: «Ойуунускай, Аммосов буруйдара суох, кырдьыгы кыайыаххыт суоҕа!» — диэн бүтэһик тылыгар эппитэ уонна хаайыыга барбыта. Онно сотору суорума суолламмыт этэ. Кэнники милицияҕа үлэлии сылдьан истибитим ити Федоровпыт борокуруор Михаил Михайлович Федоров бииргэ төрөөбүт убайа эбит этэ».

Бу түбэлтэ Федоровтар хайдах курдук дириҥ ис хоһоонноох, ураты көрүүлээх-истиилээх, күүстээх ис туруктаах дьоннорун толору көрдөрөр дии саныыбын —  хатарыллыбыт ыстаал курдук хатаннарын, кырдьык туһугар туруулаһарга ханнык да күүс кинилэри кыайан тоһутар кыаҕа суоҕун. Федор Михайловиһы силиэстийэ кэмигэр төһөлөөх кэбилээбиттэрин киһи сэрэйэр эрэ, ол үрдүнэн биир да киһини уган биэрбэккэ, тиһэҕэр тиийэ бэйэтин кырдьыгын туһугар турууласпытын киһи сөҕөр-махтайар. Олус ыар, ханнык да инчэҕэй эттээх уйбат сордооһунун-муҥнааһынын тулуйбакка, элбэх кытаанах да дьоннор ис туруктара тостон, олох сыһыана суох туора дьону угаттаан биэрбиттэрин билэбит.

Сэбиэскэй Сойуус норуоттарыгар барыларыгар улахан уодаһыннаах охсууну оҥорбут дьайыыларынан хаста да төхтүрүйэн оҥоһуллубут репрессиялар буолбуттара. Ити репрессиялар норуоттар бастыҥ дьоннорун урусхаллаабыттара, сүүһүнэн сылларга анаан иитиллибит элиталарын суох оҥорбуттара, норуокка бэйэ-бэйэттэн куттансыы, абааһы көрсүү, хардарыта хобулаһыы курдук сидьиҥ өйү-санааны олохсуппута. Элбэх репрессияҕа таарыттарбатах, кини содулун өйдүөхтэрин баҕарбат дьон репрессия уопсастыбаны ыраастыырга, “өстөөхтөрү уодьугуннуурга наадалаах дьайыылар этэ” диэн өйдөбүллээхтэр. Билигин да итинник санаалаах, репрессиялары төннөрүөн баҕалаах киһи дэлэй, кинилэр санааларыгар репрессиялар кинилэри уонна чугас дьоннорун таарыйыа суох курдук саныыллар. Оннук буолбатах. Репрессия маховига үлэлээтэ да, сокуон сүрүн бириинсиптэрэ үлэлээбэт буолаллар уонна көҥүл барбыт репрессивнэй уорганнар “буруйдаах-буруйа суох” диэн быһаарсыбакка, элбэх дьон дьылҕатын үлтү тэпсэллэрин киһи-аймах ааспыт устуоруйата кэрэһэлиир.

Саха сиригэр хас да түһүмэхтээх репрессиялартан саамай күүстээх охсууну ылбыт Таатта улууһа буолар. Элбэх өрөспүүбүлүкэ таһымнаах салайааччылардаах, инники күөҥҥэ сылдьар сайдыылаах интэлигиэнсийэлээх буолан, кинилэри урусхаллыылларыгар чугас дьоннорун, аймахтарын холбуу сор суоллаабыттара. Итини барытын этинэн-хаанынан, өйүнэн-санаатынан билбит, ону элбэхтик ырытан үөрэппит Михаил Михайлович хайдах да ылынар кыаҕа суох этэ. Кини дириҥ билиилээх юрист да быһыытынан, айылҕаттан бэриллибит ураты мындыр өйүнэн-санаатынан даҕан, киһи бырааба сокуонунан дьиҥнээхтик көмүскэнэр механизмнара мөлтөөтөҕүнэ, хайдахтаах курдук дьоҥҥо-сэргэҕэ куттал ааҥныырын толору өйдүүр этэ. Ол иһин кини 1961 с. СӨ борокуруорунан ананаат, буруйа суох балыллан сууттаммыт дьон ыраас ааттарын төннөрөргө күүстээх үлэни саҕалаабыта. Холобур, Алампаны сымыйанан буруйдаан сууттаабыт дьыалаларын көтүрэргэ олус дьаныардаахтык турууласпыта, ол саҕанааҕы ССКП Обкомун бастакы сэкиритээрэ С.З. Борисов, Саха АССР Үрдүкү Суутун салалтата Алампаны реабилитациялааһыны күүскэ утарбыттарын үрдүнэн, ССРС Генеральнай прокуратуратын, РСФСР Үрдүкү Суутун нөҥүө саха омук Улуу бэйиэтин үтүө аатын төнүннэрэри ситиспитэ. Михаил Михайлович дьүккүөрдээх туруулаһыытын түмүгэр Алампаны таһынан элбэх дьон үтүө ааттара норуоттарыгар төннөрүллүбүттэрэ. Итини барытын ситиһэригэр киниэхэ тоҕоостоох бириэмэ тосхойбутун бэлиэтиир наадалаах. Ол курдук, ити кэмҥэ ССКП КК репрессия сылларыгар социалистическэй сокуоннас ирдэбиллэрин күргүөмнээхтик кэһии таһаарыллыбытын, ону туоратар наадалааҕын туһунан анал уурааҕы  таһаарбыта. Дойду устуоруйатыгар  «ириэрии (оттепель) кэмэ» диэн ааттаммыт быыһык кэрдиис кэм кэлэн ааспыта. Ол, кылгастык да буоллар, олох бары араҥатыгар көҥүл салгынын киллэрэн ааспыт кэм уһаабатаҕа…

Прокуратура   бэтэрээнэ, биллиилээх юрист Василий Копылов бэйэтин ахтыытыгар Михаил Михайлович өрөспүүбүлүкэ борокуруорун дуоһунаһыттан болдьоҕун иннинэ ууратыллыытын буруйа суох, репрессияламмыт дьону реабилитациялааһыҥҥа олус хорсун, халбаҥнаабат позициятын кытта сибээстиир. Итини таһынан, кылгас көҥүл кэм саҕана элбэҕи ситиспит, оҥорбут былаас салайар үлэһиттэрин атын хайысхалаах саҥа ирдэбилгэ эппиэттиир үлэһиттэринэн солбуйуу барбытын билэбит. Онон, Михаил Михайлович наадалаах бириэмэҕэ туһааннаах миэстэҕэ олорон,  омугар олус улахан суолталаах үтүө дьыаланы оҥордоҕо.

Ханнык баҕарар кыахтаах, инникилээх омук суолу тэлээччи бэриэччит дьонноох буолааччы. Ол курдук Михаил Михайлович Саха сиригэр аан бастакынан юридическай уэрэҕи, билими төрүттээбитэ – омук инники дьылҕатыгар, сайдыытыгар биллэрдик-көстөрдүк дьайбыта. Урукку өттүгэр саха юристара сүнньүнэн Харьков уонна Свердловскай куораттар юридическай институттарыгар эрэ үөрэнэллэрэ. Биллэн турар,  ити улахан үгэстэрдээх, күүстээх профессорскай-преподавательскай састааптааэх үрдүк үөрэх кыһалара үчүгэй профессионаллары бэлэмнииллэрэ. Ол эрээри,  олус аҕыйах ахсааннаах юрист бэлэмнэнэрэ, кинилэр бары кэриэтэ быраабы көмүскүүр, араҥаччылыыр уорганнарга үлэлииллэрэ. Онон норуот хаһаайыстыбатыгар, араас тэрилтэлэргэ, министиэристибэлэргэ үлэлиир үрдүк үөрэхтээх юристар ахсааннара олох аҕыйах этэ. Итинник балаһыанньа урукку өттүгэр син да курдук этэ, тоҕо диэтэххэ команднай миэстэтинэн салаллар экэниэмикэ кэмигэр, судаарыстыба эрэ бас билиитэ баарын саҕана тэрилтэ юриһын үлэтэ көннөрү тиэхиньиичэскэй үлэҕэ эрэ тэҥнэнэрэ, юристарга суолта бэриллибэт этэ.

Сэбиэскэй былаас бүтэһик сылларыгар, тэрилтэлэр хаһаайыстыбаннай ахсааҥҥа киирэр кэмнэриттэн саҕалаан, юристар суолталара күүһүрэн барбыта. Онтон салгыы судаарыстыбаннай тутул уларыйыытын, ырыынак экэниэмикэтигэр  киирии дьалхааннаах кэмнэрэ кэлбиттэригэр, олох бары хайысхатыгар юридическэй билии-көрүү булгуччу наадалааҕа биллибитэ. Дьэ, ити кэрдиис кэмнэргэ Михаил Михайлович төрүттээбит үрдүк юридическэй үөрэҕин кыһатын бүтэрбит ыччаттарбыт олох араас араҥатыгар барытыгар инники күөҥҥэ тахсыбытынан барбыттара. Дьэ, манна сытар, Михаил Михайлович стратегическай өтө көрүүтэ – былдьаһыктаах дьыллар ааҥнаан кэлбиттэригэр, омукпут ыччаттара сокуон, быраап эйгэтигэр билиилээх, үөрэхтээх буолан бары өттүнэн туруулаһарга бэлэм буолбуттарыгар.

Биллэн турар, ити ырыынак үйэтигэр эрэ буолбакка, киһи төрүөҕуттэн саҕалаан олоҕун устатын тухары сокуон ирдэбиллэрин тутуһан, бэйэтин бырааптарын сокуонунан көмүскэнэн олорор. Ол иһин,  ханнык баҕарар уопсастыбаҕа правовой билии ханнык таһымҥа турара, төһө элбэх үрдүк таһымнаах юристааҕа ол уопсастыба хайдах сайдыылааҕын, төһө көмүскэллээҕин көрдөрөр. Биһиги университеппыт иһинэн үрдүк юридическай үөрэҕи ылар кыахтанан, соҕуруу үрдүк үөрэх кыһаларыгар араас төрүтүөнэн кыайан барар кыаҕа суох ыччаттарбыт юрист идэтин баһылаан, бэйэлэрин олохторун дьоһуннаахтык саҕалаан, өрөспүүбүлүкэбитигэр туһаны аҕалан үлэлии-хамсыы сылдьаллара буолуой?!

Улуу Сэбиэскэй Сойуус судаарыстыбата уон аҥыы ыһыллыытын, дойдубут сайдыыта таҥнары барыытын кэмигэр өрөспүүбүлүкэбит, омукпут инникитин көмүскээһин тыын боппуруос быһыытынан сытыытык турбута. Онно саа-саадах тутан буолбакка, сокуон, быраап ирдэбиллэринэн көмүскэнии наадата тирээн кэлбитэ. Ол саҕана саха омук уһулуччулаах юристара өрөспүүбүлүкэ, омук инники кэскилин түстээһиҥҥэ ураты оруолу ылбыттара. Кинилэргэ лиидэр быһыытынан инники күөҥҥэ сылдьааччы – юридическай наука дуоктара, бэрэпиэссэр Михаил Михайлович Федоров буолбута. Улахан юристарбыт көмөлөрүнэн Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтэ Арассыыйаҕа биир бастакынан 1990 с. балаҕан ыйын 27 күнүгэр «Декларация о государственном суверенитете Якутской-Саха Советской Социалистической Республики» диэн сахалар Арассыыйа иһинэн судаарыстыба ыстаатыстаах өрөспүүбүлүкэлэнэрбитигэр тирэх буолбут ураты суолталаах докумуону ылыммыта. Биһиги юристарбыт, кинилэр истэригэр юридическэй тиэхиньикэни, сокуон тутулун ирдэбиллэрин толору баһылаабыт М.М.Федоров бэлэмнээбит тиэкистэринэн Саха өрөспүүбүлүкэтин Үрдүкү Сэбиэтинэн Арассыыйаҕа бастакынан 1992 с. муус устар 4 күнүгэр СӨ Конституцията (Төрүт Сокуона) ылыллыбыта. Бу Төрүт Сокуон төһө сокуоннайын элбэх араас таһымнарга чинчийэн, үөрэтэн баран улахан туох да дьиэги булбаккалар, күн бүгүҥҥэ диэри үлэлии турар. Арай,  олох ирдэбилинэн ылыллыбыт эбиилэрдээх уонна уларытыылардаах.

Норуот бэйэтин уһулуччулаах дьоннорун булгуччу билиэхтээх, кинилэр холобурдарыгар үөрэниэхтээхтэр диэн бары норуоттарга баар мындыр этиинэн ахтыыбын түмүктүүбүн.

                                                                                 Игорь НИКОЛАЕВ, СӨ Үтүөлээх юриһа, Сунтаар, Таатта улуустарын бочуоттаах олохтооҕо

 

+1
2
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
15 декабря
  • -38°C
  • Ощущается: -38°Влажность: 67% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: