Бүгүн сахалыы тыллаах бастакы хаһыат тахсыбыт күнэ

Share

103 сыл анараа өттүгэр, 1921 сыл ахсынньы 28 күнүгэр,  сахалыы тыллаах “Манчаары” бастакы судаарыстыбаннай хаһыат тахсыбыта.

Хаһыат бастакы нүөмэригэр Исидор Барахов, Былатыан Ойуунускай үлэлээбиттэрэ. Онтон бастакы таһаарааччынан уонна саха тыллаах хаһыаты тарҕатааччынан  Анемподист Софронов-Алампа буолбута.

1922 сыллаахха атырдьах ыйыгар “Манчаары” хаһыат быстах кэмҥэ тохтотулла сылдьыбыта. Кылгас кэм иһигэр 13 нүөмэр бэчээттэнэ охсубута. Онтон 1923 сыл алтынньы 10 күнүттэн “Кыым” диэн аатынан бэчээттэнэн барбыта.

Дьэ, онтон ыла 1991 сылга диэри ньиргиччи үлэлээн, хаһыат тахса турбута. Ол сылга баартыйа эстэн, сойуус ыһыллан Саха сирин бырабыыталыстыбатын уорганын быһыытынан «Саха сирэ» хаһыат тахсар. Онон хаһыат хара тэриллиэҕиттэн судаарыстыбаннай хаһыат, быйыл 103 сылын бэлиэтиир.

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Дьахтар тутуу хампаанньаттан бөдөҥ суума харчыны сууттаһан ылбыт

Дьокуускай куорат суута элбэх кыбартыыралаах дьиэни тутан бүтэрэр болдьоҕу хойутаппытын иһин тутааччыны дуогабар сууматын төнүннэрэргэ…

2 минуты ago
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Байыаннай сулууспалаах мэдиссиинискэй хамыыһыйаны дойдутугар ааһыан сөп

Байыаннай-мэдиссиинискэй хамыыһыйаны байыаннай сулууспалаах уоппускаҕа сылдьар сиригэр быһаччы барыан сөп. Бу туһунан бүгүн нэдиэлэ аайы…

28 минут ago
  • Сонуннар
  • Сүрүн

Өрөспүүбүлүкэҕэ 2026 сылга тиийинэн олоруу алын кээмэйэ 28 598 солк. буолуоҕа

СӨ Бырабыыталыстыбата 2026 сылга өрөспүүбүлүкэ сүрүн социальнай-демографическай бөлөхтөрүнэн биир киһиэхэ ааҕыынан тиийинэн олоруу алын кээмэйин…

32 минуты ago
  • Быһылаан
  • Сонуннар

Булуҥҥа мууска икки аал хаайтарда

Булуҥ улууһугар Өлүөнэ өрүһүнэн Быковскай — Дьокуускай хайысханан айаннаан испит «Залив» уонна «Быков мыс» диэн…

52 минуты ago
  • Байыаннай эпэрээссийэ
  • Сонуннар
  • Уопсастыба

«ВОИН» кииҥҥэ үөрэннэххэ, БКЭ баалыгар эбиллэр

"ВОИН"  кииҥҥэ  үөрэммит, үрдүкү кылаас оҕолоро Арассыыйа эрэгийиэннэригэр баар үрдүк үөрэх кыһаларыгар туттарсар түгэннэригэр, эбии…

54 минуты ago
  • Бэрээдэк
  • Сонуннар

Итирик сылдьан тиэргэҥҥэ турар массыына сиэркилэтин алдьаппыт

Полицияҕа куорат олохтооҕо кэлэн, Ленин проспегар турар массыынатын сиэркилэлэрин алдьаппыттарын туһунан иһитиннэрбит. Хоромньу быһа холоон…

1 час ago