Бүгүн СӨ норуодунай артыыһа Аскалон Павлов төрөөбүт күнэ

Share

Бүгүн, ыам ыйын 2 күнүгэр, СӨ норуодунай артыыһа, эстрада ырыаһыта Аскалон Павлов төрөөбүт күнэ.

Бэлиэтээн суруйдахха, быйыл Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Ил Дархан Айсен Николаев үөрүүлээх быһыыга-майгыга Саха сирин 49 олохтооҕор судаарыстыбаннай наҕараадалары туттарбыта. СӨ  норуодунай артыыһа бочуоттаах аат Ю.Е.Платонов аатынан эстрада тыйаатырын артыыһыгар Аскалон Павловка иҥэриллибитэ. Аскалон Павлов  чахчы даҕаны норуот таптыыр, сүгүрүйэр артыыһа. Саха эстрадатыгар 30-тан тахса сыл бэриниилээхтик үлэлиир. Кини айар үлэтэ, дириҥ ис хоһоонноох ырыалара үгүс саха дьонун кутун туппуттара. Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Аскалон Николаевиһы бочуоттаах аатынан уонна төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлиибит! Бу туһунан кини санаатын маннык үллэһиннэ:

— Бүгүн төрөөбүт күммүнэн эрэ буолбакка, норуодунай артыыс буолбуппунан эмиэ олус элбэх эҕэрдэни туттум. Мин элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ төрөөбүт киһибин. Элбэх оҕону ийэбит соҕотоҕун киһи-хара гынан иитэн таһаарбыта. Оҕо сааспыттан төрөөбүт күнү улаханнык бэлиэтиирбитин өйдөөбөппүн. Саха киһитин сиэринэн төрөөбүт күммүн сэмэйдик, дьиэ кэргэн иһинэн эрэ бэлиэтиэхпин сөп. Оҕолорум кыралар, онон быйыл сааскы куска тахсыбатым.

Аскалон Павловтыын кэпсэтиини сиһилии манна ааҕыҥ:

What’s your Reaction?
+1
8
+1
1
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0

Recent Posts

  • Сонуннар
  • Уопсастыба

Саха сиригэр чоҕу хостооһуҥҥа саҥа рекорду олохтоотулар

2024 сыл 11 ыйын түмүгүнэн Саха сиригэр 45 мөлүйүөн туонна чох хостоммут. Бу былырыыҥҥы көрдөрүүттэн…

10 минут ago
  • Сонуннар

Меркурий «ретрограднай» буолан бүтэрэ чугаһаата

"Ретрограднай" Меркурий "төттөрү" барыыта бүтэрэ 3 хонук хаалла. Сэтинньи 26 күнүттэн ахсынньы 15 күнүгэр диэри…

25 минут ago
  • Быһылаан

Тулагыга суоппар массыынатын суулларан баран, саахал буолбут сириттэн куоппут

Тулагы сэлиэнньэтигэр биллибэт суоппар массыынатын суулларбыт уонна саахал миэстэтиттэн куоппут. Бу туһунан Дьокуускайдааҕы Госавтоинспекция иһитиннэрэр.…

40 минут ago
  • Интэриэһинэй
  • Сонуннар

Саҥа дьылы көрсө түннүккэ георгин сибэккилээтэ

Ахсынньы тымныытын аахсыбакка, Саҥа дьылы көрсө Үөһээ Бүлүүгэ георгин сибэкки тыллан хараҕы үөрдэр, сайыны чугаһатар.…

55 минут ago
  • Сонуннар

Үс улууска саҥа баһаарынай деполары астылар

Бүгүн, ахсынньы 12 күнүгэр, Нам улууһун Остуолба, Таатта улууһун Булуҥ уонна Томтор, Уус Алдан улууһун…

58 минут ago
  • Сонуннар

РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин патриотическай пуорумнара саҕаланна

Бүгүҥҥүттэн, ахсынньы 12 күнүттэн, РФ Конституциятын күнүгэр Дьокуускайга «Объединяя лучшее - быть первым!» диэн ааттаах…

1 час ago