Бүгүн саха норуодунай суруйааччыта, бэйиэт, прозаик, тылбаасчыт, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ, Казахстан, Чувашия өрөспүүбүлүкэлэрин литератураҕа бириэмийэлэрин уонна Эрилик Эристиин аатынан бириэмийэ лауреата, Орто Халыма уонна Үөһээ Бүлүү улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Семен Титович Руфов төрөөбүтэ 95 сылын туолар күнэ.
Семен Руфов 1927 сыллаахха ахсынньы 27 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһугар Харбалаах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Дьокуускайдааҕы культпросвет оскуола бибилэтиэкэҕэ отделениетын, М.Горькай аатынан Литература институтун бүтэрбитэ. “Эдэр коммунист” хаһыакка, “Хотугу сулус” сурунаалга отдел сэбиэдиссэйинэн үлэлээбитэ.
1955 сылтан бэчээттэнэр. Хоһооннорун бастакы кинигэтэ “Кэл, олор, кэпсэтиэх” 1959 сыллаахха тахсыбыта. Хоһоонноругар уонча кинигэлээх, ону таһынан очеркалара, кэпсээннэрэ, ахтыылара, эсселэрэ, резенциялара хас да кинигэнэн бэчээттэммиттэрэ. Кини поэзията лириичэскэй тосхоллоох, сырдык көрдөөх-нардаах, ылланар ырыалардаах, эпиграмма маастара. Дьээбэтэ-хообото “Дьээбэтинньик” (1998 с.), “Зыр-зыр” (2002 с.) диэн кинигэлэригэр киллэриллибитэ.
Талааннаах тылбаасчыт В.Шекспир сонеттарын, Ш.Руставели “Тиигир таҥастаах бухатыыр” поэматын сахалыы саҥардыбытынан киэҥник биллэр. Кини тылбааска ситииһилэрин “Сулустаах халлаан” (1997 с.) кинигэтэ туоһулуур.
Семен Титович Руфов 2016 сыл кулун тутар 19 күнүгэр орто дойду олоҕуттан барбыта.
х х х
Валентина Шологонова-Суруйдаана Семен Руфов хас устуруоката барыта “-уукап” диэн сүһүөхтэринэн бүтэр биир дьикти хоһоонун ааҕан баран, үтүктэргэ холонон айбыт хоһооно:
Сэмэн Тиитэбистиикэп
Биһиэхэ Намҥа кэлиикэп,
Уола Валерий дьоһуннуукап,
Аҕатын арыаллыыкап.
Үбүлүөйүнэн 85 –нэн эҕэрдэлиикэп,
Тобуруокап түмэлигэр көрсүһүүкэп,
Олус диэн үөрүүкэп-көтүүкэп,
Куустуһуукап,
Сыллаһыыкап,
Көбүөрдээх лэппиэскэлиирэп,
Сылгы иһин остуолга ууруукап,
Итии чэйинэн маанылыыкап,
Тыл этэригэр көрдөһүүкэп,
Сэмэй бэлэх туттарыыкап.
Аттыгар Хара Лааҥкы олоруукап,
Көрсүһүүбүтүн Чыычаахап ыытыыкап,
Муттуххай Бороҥ барытын сурунуукап,
Кэлин хаһыакка бэчээттэтиикэп.
Дьүһүн-бодо алыстыыкап,
Уҥуох-арҕас көбүс-көнүүкэп,
Куолас чиҥиикэп-чаҥыыкап,
Арай кулгаах эрэ кыратык мөлтүүкэп.
Москубанан эргийиикэп,
380сылы үбүлүөйдүүкэп,
Бүтэрбит литинститутугар сылдьыыкап,
Ректоры кытта көрсүһүүкэп,
Кинигэтин бэлэхтиикэп,
Олус диэн астыныыкап.
Өссө Архангельскайга күүлэйдиикэп,
Онно Валерата олоруукап,
Улахан үлэҕэ үлэлиикэп,
Онтон быйыл төннүүкэп,
Дьокуускайга үлэ булуукап.
Оҕо сырыттахпына аҕам атыылаһыыкап
“Валерка соҕуруу дойдуга” кинигиикэп,
Биһиги оҕолор олус сонурҕуукап,
Былдьаһа-былдьаһа ааҕыыкап,
Суруйааччы аҕаҕа ымсыырыыкап,
Валера курдук соҕуруукап
Пломбир сиэри сыҥаах уута сүүрүүкэп ,
Каруселинэн хатааһылыаҕы баҕарыыкап,
Ол уолбутун бүгүн дьэ, саҥа көрүүкэп.
Өссө элбэх сирдэринэн быйыл көтүүкэп,
Барытын биһиэхэ кэпсиикэп,
Биһиги болҕойон истиикэп,
Боппуруос бөҕөтүнэн тибиикэп,
Барытыгар толору эппиэт ылыыкап,
Олус диэн астыныыкап.
Оҕолору олус сэҥээриикэп,
Үөрэтиикэп,
Сүбэлиикэп.
Сорохпут тыл этиикэп,
Уруккуну-хойуккуну санаһыыкап,
Күлсүүкэп,
Үөрүүкэп.
Хоһоонноргун ааҕыыкап,
Тылбааскын олус диэн биһириикэп.
Хоһоон бөҕөтүнэ нойосуустуукап-
Өйтөн барытын ааҕыыкап
Биһи нуучча киһитэ ааҕар дии саныыкап-
Оннук оруобуна тахсыыкап.
Биһи бары айаҕы атыыкап,
Баһы быһа илгистиикэп,
Сөрү диэн сөҕүүкэп,
Олус диэн ымсыырыыкап,
Гиннес рекордун саныыкап.
Кэлбиккэр, кинигэҕэр махтаныыкап,
Бары үтүөнү, этэҥҥэни баҕарыыкап,
Тоҕус уоҥҥар кэлэргэр эрэниикэп,
Өссө хоһооннордо суруйуукап,
Сылайары билбэккэ субуйуукап,
Бөрөбүөт бөҕөтүнэ оҥоруукап,
Эйигинэн бары киэн туттуукап,
Сүүс сааскар диэри олоруукап
Саха өркөн өйө-Уруукап!
Ахсынньы 15 күнүгэр Чэй күнэ бэлиэтэнэр. Онон, маннык тымныы, туманнаах күҥҥэ итии чэйдэ иһиэҕиҥ! Былыр,…
Бүгүн, ахсынньы 15 күнүгэр, Саха сирин үгүс улуустарыгар хаар түһэрэ күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр. Хоту,…
"Биисинэс-Экспо" урбаанньыттар быыстапкалара 2010 сылтан ыла ыытыллар буоллаҕына, Вера Лиханова бу тэрээһиҥҥэ 2019 сылтан ыла…
Ньурба улууһун Хорула нэһилиэгин Е.К. Федоров аатынан орто оскуолатыгар 204 саастаах алтан чуораан баар. "2020…
Ахсынньы 14 күнүгэр Саха сирин Бырабыыталыстыбатын Бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Дмитрий Садовников Горнайга Атамайдааҕы элбэх өҥөнү…
Сир үрдүгэр эҥин араас дьикти, дьиибэ элбэх. Икки атахтаах ону сэргиир, сэҥээрэр, сорох онтон дьиксинэр,…