Бүгүн сорох сиринэн 15-20 миэтэрэҕэ тиийэ тыалырыа
22.03.2024, 08:12

Хаартыска: Андрей Сорокин, СИА.
Бөлөххө киир:
Гидрометеорология Саха сиринээҕи управлениета иһитиннэрэринэн, бүгүн өрөспүүбүлүкэ сорох сирдэринэн күүстээх тыал түһүөҕэ.
Кулун тутар 22 күнүгэр Ленскэй, Өлүөхүмэ, Хаҥалас, Алдан, Нерюнгри, Кэбээйи улуустарыгар 15-20 миэтэрэҕэ тиийэ тыалырыаҕа, сорох сирдэринэн хаардаах силлиэ түһүөҕэ, тибии тибиэҕэ диэн олохтоох управление иһитиннэрэр.
“Кубулҕаттаах кулун тутар ый” диэн мээнэҕэ этиллибэт, сылаас, сааскы халлаан диэн балыйтарыахха сөп.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: