Бүгүн сорох улуустарга +13 кыраадыс буолара күүтүллэр
13.04.2025, 07:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, муус устар 13 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +13 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Арктика оройуоннарыгар, соҕуруулуу-арҕаа, арҕаа, хотугулуу-илин сорох сиринэн хаар, инчэҕэй хаар, күнүс соҕуруулуу-арҕаа сорох сиринэн күүстээх ардах түһэрэ күүтүллэр.
Арҕаа сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах, Алдан оройуонугар сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Түүн салгын температурата -13-18°С, халлаан халыннаҕына -21-26°С, түүн -30°С, соҕуруулуу-арҕаа -4+1°С, күнүс -2+3°С, соҕуруулуу-арҕаа, соҕуруу +3+8°С, сорох сирдэринэн +8+13°С, хоту -3-8°С.
+1
1
+1
1
+1
+1
1
+1
+1
1
+1
4
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: