Бүгүн сорох улуустарга +13 кыраадыс буолара күүтүллэр
24.04.2025, 07:00

Хаартыска: sakha-sire.ru
Бөлөххө киир:
Бүгүн, муус устар 24 күнүгэр, Саха сирин сорох улуустарыгар +13 кыраадыс буолара күүтүллэр диэн УГМС иһитиннэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ үгүс өттүгэр сөҥүүтэ суох. Кыра тыаллаах, соҕуруу, арҕаа улуустарга сөкүүндэҕэ 9-14 миэтэрэ түргэннээх, күнүс Өлөөҥҥө, Мииринэйгэ сөкүүндэҕэ 15-18 миэтэрэ түргэннээх тыаллаах.
Түүн салгын температурата -1-6°, халлаан халыннаҕына -7-12°, хотугулуу-арҕаа -15-20°, Арктика оройуоннарыгар -18-23°, күнүс +4+9°, хотугулуу-илин +13°, хоту -3,+2°, Арктика арҕаа өттүгэр -3-8°.
Муус устар 24 күнүгэр чалбах үчүгэйдик килэйбэтэҕинэ, сайына куһаҕан. Суол-иис олох алдьанар. Күн үөһэ ойдор ойон иһэр диэн билгэ баар.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: