Бүгүн СПИД-ы утары охсуһуу күнэ
ВИЧ-инфекция тарҕанарын аҕыйатар уонна нэһилиэнньэ бэйэтин доруобуйатыгар болҕомтону уурарын туһугар 1988 сылтан сэтинньи 1 күнүгэр СПИД-ы утары охсуһуу Бүтүн аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр.
Ыарыы тарҕаныаҕыттан ыла аан дойдуга барытыгар 84 мөлүйүөнтэн тахса киһи сыһынна. 2030 сылга диэри ВИЧ-ка тиэһи ааспыт киһи ахсаана сыл аайы элбиирэ сабаҕаланар. Ол курдук, сыл аайы ВИЧ-инфекцияҕа 40 мөлүйүөн кэриҥэ чинчийии оҥоһуллар. РФ судаарыстыбаннай статистикатын чахчытынан, кэнники сылларга аан дойдуга ВИЧ-инфекциянан ыалдьыы намтаабыта бэлиэтэнэр. Бу инфекция салҕыы намтыырын туһугар нэһилиэнньэҕэ ыарыыны сэрэтии дьаһалларын күүһүрдүөххэ уонна диспансернай кэтээн көрүүгэ көхтөөхтүк кыттыахха наада.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ВИЧ-инфекциялаах киһи ахсаана 1019 киһиэхэ тиийдэ. Кинилэртэн үгүстэрэ киин куоракка уонна бырамыысыланнас куораттарыгар олорор.
СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин чахчытынан, кэнники сылларга ВИЧ булуллубут улуустарын ахсаана элбээтэ (33 оройуоҥҥа).
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: