Бүгүн — СПИД-ы утары охсуһуу күнэ
1988 сылтан саҕалаан, сыл аайы ахсынньы 1 күнэ СПИД-ы утары охсуһуу күнүнэн биллэриллэр.
Бу күн ВИЧ-инфекциялаах дьону өйүүрү биллэрэргэ уонна СПИД-тэн өлбүт дьону ахтан-санаан ааһарга, ол эбэтэр СПИД биһиги олохпутуттан «барбатаҕын» санатарга туһуланар.
СПИД-ы утары охсуһар күн куруук тустаах тиэмэҕэ ананар. Быйылгы сыл тиэмэтэ – «Лидерство -– сообществам» диэн ааттанна. Уопсастыба дьону доруобуйа харыстабылын кытта ситимниир, итэҕэли үөскэтэр, саҥаттан саҥа инновациялары киллэрэр уо.д.а.
ВИЧ-инфекция — Арассыыйаҕа саамай киэҥник тарҕаммыт сыстыганнаах ыарыы.
Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр сэтинньи 11 күнүнээҕи туругунан, ВИЧ-инфекциялаах 1144 киһи учуокка турар. Уруккутун курдук, 30-49 саастаах эр дьоҥҥо уонна 25-35 саастаах дьахталларга ыарыы ордук элбэх. Ыарыы сыстар төрүөтэ — эр киһи уонна дьахтар сылдьыһыытыттан сыстыы 83 бырыһыаны, наркотигы кытта сибээстээх сыстыы 12 бырыһыаны ылаллар.
Аан дойдуга барытыгар кыһыл лиэнтэ ВИЧ/СПИД кыһалҕата таарыйбыт дьонун кытары биир санааланыы бэлиэтинэн буолар.
(СПИД-ы сэрэтэр уонна бопсор өрөспүүбүлүкэтээҕи киин матырыйаалынан)
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: