Бүгүн — суоппардар күннэрэ!
Бүгүн, алтынньы 30 күнэ, суоппардар күннэрэ. Түгэнинэн туһанан, бары суоппардары идэлээх күҥҥүтүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит.
Дьиҥэр, массыыналаах уонна правалаах киһи суоппар буоллаҕа. Онон бу күн тимир көлөлөөх дьоҥҥо барыларыгар сыһыаннаах. Түгэнинэн туһанан, биллэр-көстөр дьонтон тимир көлөнү ыыппыттара хас сыл буолбутун, билигин ханнык массыыналаахтарын туһунан ыйыттыбыт. Хоруйдаабыт дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт!
40 сыл ыстаастаах
Николай Крылов, СӨ суруналыыстыкаҕа Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, «Саха сирэ» хаһыат бэтэрээнэ:
— 1982 сылтан тимир көлөнү миинэбин, ол аата 40 сыл ыстаастаахпын, сааһым 76-м. «Тойота витс» диэн дьоҕус тимир көлөлөөхпүн. Бастатан туран, бары суоппардары бу идэлээх бырааһынньыктарынан эҕэрдэлиибин. Мэлдьи күөх уот тыктын!
27 сыл ыстаастаах
Николай Афанасьев, СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын миниистирин солбуйааччы:
— Тимир көлөнү ыыппытым 27 сылыгар барбыт, правабын 1995 сыллаахха ылбытым. Алтыс массыынабын миинэбин, «Тойота» бииһин ууһа. Биллэн турар, бастакы уочаратынан идэлээх суоппардары эҕэрдэлиибин! Тимир көлөлөргүт алдьаммакка-кээһэммэккэ этэҥҥэ сулууспалаатыннар!
Бастакы тимир көлөтө — «Москвич-417»
Сахамин Афанасьев, Ил Түмэн сир сыһыаннаһыыларыгар, айылҕа баайыгар уонна экологияҕа сис кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ:
— 2000 сылтан массыыналаммытым, бастакы тимир көлөм 1976 сыллаахха оҥоһуллубут «Москвич-417» этэ. Салгыы «Нива», «УАЗ» уонна тойоталары мииммитим. Түгэнинэн туһанан, суоппардар күннэринэн идэлээх суоппардары, массыыналаахтары барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Көнө суолу баҕарабын, мэлдьи күөх уот тыктын!
«Nissan Terrano» тимир көлөлөөх
Павел Аргунов, СӨ судаарыстыбаннай тутууга уонна олорор дьиэ надзорун управлениетын салайааччы:
— Бастакы массыынабын 2008 сыллаахха ылбытым, «Honda Fit» диэни. Олус кыанар этэ, бэнсиинигэр да аһара хор буолбатаҕа. Ол эрээри, сүүрүүтэ элбэх буолан, коробката (вариатор) алдьанан барбыта. Атыылыырга күһэллибитим. Билигин «Nissan Terrano» диэн массыыналаахпын. Олох судургу, бөҕө көлө. Кэлиҥҥи кэмҥэ куораппыт уонна федеральнай суоллар лаппа тупсаннар дьон кэлэр өттүгэр дьоҕус массыыналары атыылаһаллара элбиирэ буолуо.
11 сыл ыстаастаах
Павел Черноградскай, мас-рестлиҥҥэ түөрт төгүллээх аан дойду чөмпүйүөнэ:
— 11 сыл ыстаастаахпын, «Тойота Виш» диэн тимир көлөлөөхпүн, сэттис тимир көлөм буолар. Түгэнинэн туһанан, идэлээх суоппардары барыгытын ис сүрэхпиттэн эҕэрдэлиибин. Бастатан туран, доруобуйаны баҕарабын, өрүү көнө суол аргыстастын!
СУОППАР
Суһал айан наадатын
Суоппар киһи быһаарар,
Түүнү-күнү билиммэт
Тимир көлө тирилэс.
Уҥа-хаҥвс кэбэҕэс
Барааҥкатын эрийэр,
Көлүөһэтэ эргийэн
Көстөөх сири тулуппат.
Уһун айан аргыстаах
— Олор айан киһитэ,
Тиийэр сиргэр суһаллык
Тиэрдиэ суоппар эйигин.
Ыарыйдахха даҕаны
Суоппар киһи наадалаах,
Суолга сатыы бардахха
Кини ситэн олордуо.
Тэстибэтин көлүөһэҥ,
Бүппэт буоллун бензиниҥ,
Светофор күөх уота
Мэлдьи суолгар сыдьаайдын.
Суоппар-суоппар мичээрдээ
Эдэр, эмэн киһиэхэ,
Суолгар мэлдьи дьоллоохтук
Айан суолун тэлэ тур!
Полина-Победа, Уус Алдан
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: