Бүгүн буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла
Бүгүн, сэтинньи 25 күнүгэр, буойун-суруйааччы, бэйиэт Тимофей Егорович Сметанин төрөөбүтэ 105 сыла буолла.
2019 сыллаахха «Саха сирэ» хаһыакка бэчээттэммит, суруйааччы төрөппүт кыыһа Татьяна Тимофеевна Сметанинаны кытары Надежда ЕГОРОВА кэпсэтиитин таһаарабыт.
— Татьяна Тимофеевна, эн аҕаҥ Орто дойду олоҕуттан эрдэ күрэнэн, тулаайах хаалбыккын. Улахан суруйааччы оҕото буоларгын хаһан үчүгэйдик билбиккиний?
— Аҕам Тимофей Егорович Сметанин 1944 сыллаахха Аҕа дойду Улуу сэриититтэн “Хорсунун иһин”, “Бойобуой үтүөлэрин иһин” мэтээллэри түөһүгэр иилинэн, тыыннаах эргиллэн кэлбит. Бу кэмҥэ ийэм, Хаҥалас улууһун Кыһыл Үрүйэ сэлиэнньэтиттэн төрүттээх Матрена Григорьевна Тарасова Дьокуускайга тыйаатырга үлэлээбит, хуорга ыллаабыт. Ийэм эмиэ тыйаатырга үлэлиир дьүөгэтэ Полина Борисовалыын Ноговицына диэн дьахтарга хос куортамнаан олорбуттар. Онно суруйааччы Николай Заболоцкай баар эбит. Киниэхэ пединститут история факультетыгар үөрэнэ сылдьар, Кэбээйиттэн төрүттээх Тимофей Сметанин диэн уол кэлэр эбит. Кинилэр суруйааччылардыын көрсүһүүлэргэ, литература, тыйаатыр түмсүүлэригэр кытттыбыттар. Матреналаах Тимофей сыыйа-баайа доҕордоһон, харахтарынан хайҕаһан, бииргэ сылдьар буолан барбыттар. 1945 сыллаахха, сэрии бүтэр сылыгар холбоспуттар, эһиилигэр мин күн сирин көрбүппүн.
Аҕам сэриигэ ылбыт баастара бэргээннэр, улаханнык ыалдьар буолан барбыт. Онон, үрүҥ ас сиэтээри, айылҕаҕа сибиэһэй салгынынан дуоһуйа тыынаары, ийэм дойдутугар Хаҥалас улууһугар көһөн тахсыбыттар. 1946 сыллаахха Кыһыл Үрүйэҕэ ыһыахха кыттан, элбэх доҕоттордонон, наһаа үчүгэйдик сайылаабыттар. Сэрии кэнниттэн аас-туор олох ыарахаттара кинилэри тумнубатах, эмп-томп суох буолан, аҕам улаханнык ыалдьыбыт. Билигин санаатахха, миигин, мин доруобуйабын харыстаан, бэйэтигэр олох чугаһаппатах. 1947 сыллаахха, мин биир эрэ саастаахпар, Орто дойду олоҕуттан барбыт. Аҕам олоҕун тиһэх сылларыгар Хаҥалас улууһугар олорон айбыта-туппута, манна көмүллэн сытар.
Ийэм сэлликкэ ылларан, улаханнык ыалдьыбыта. Наар балыыһаҕа эмтэнэр буолан, кинини үчүгэйдик көрбөккө да улааппыт курдукпун. Үстэ эпэрээссийэлэммитэ. Ол да буоллар, аҥаар тыҥалаах сылдьан, санаатын күүһүнэн 74 сааһыгар диэри олорбута.
Ийэм аҕам туһунан улаханнык кэпсээбэт этэ. Эгэ, суруйааччы оҕото буоларбын билиэм дуо? Ийэм балыыһаҕа уһуннук эмтэнэр буолан, миигин таайдарым көрбүттэрэ уонна ийэм аҕата баара. Кэнники интэринээккэ олорон үөрэммитим. Ийэм ыарыһах буолан, мин үрүҥ халааттаах аанньал буолуохпун, биэлсэр-акушер факультетыгар үөрэнэ киириэхпин баҕарбыта. Ол эрээри, мин түргэнник үлэһит буолаары, ахсыс кылааһы бүтэрэн баран, Дьокуускайга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар агроном отделениетыгар үөрэххэ киирбитим.
Агроном идэтин ылан баран, икки сыл Сунтаарга баран үлэлээбитим.
АЙМАХТАРДЫЫН БИЛСИИМ
— Оччотооҕуга тыа хаһаайыстыбатын техникумугар үөрэнэр, билигин Булгунньахтаахха олорор Екатерина Семеновна Куприяновалыын көрсүбүтүм. Ону сэргэ, аҕам бииргэ төрөөбүт быраата Петр Егорович художественнай училищены бүтэрэн баран үлэлии сылдьара. Кинилэри кытары билсэн эрэ баран, дьэ аҕам ким буоларын, хантан-хааннааҕын, кимтэн кииннээҕин кыралаан билэн барбытым.
1963-64 сыллардаахха үөрэнэ сылдьан, бастакы каникулбар бэйэм баҕабынан аҕам дойдутугар, Кэбээйигэ барбытым. Сахалыы үчүгэйдик билбэт, нууччалыы эрэ саҥарар этим. Дириҥник ытыктыыр биир дойдулаахпыт, буойун-суруйааччыбыт төрөппүт соҕотох кыыһа диэн, олус истиҥник көрсүбүттэрэ. Аҕам убайыгар Сэмэн Егоровичтаахха түспүтүм, хаан-уруу аймахтарбын кытары билсэн, бары да улаханнык долгуйбуппут.
Ол сылдьан кэбээйилэрим мусуойдарыгар бастакы бэлэҕим — кырачаан чороон этэ. Онно “Музею от Тани” диэн сэмэйдик суруйбут буоллахпына, кэнники сырыыларбар “от Татьяны”, онтон “от Татьяны Тимофеевны” диэн буолан барбыттара уонна чорооннорум эмиэ улаатан испиттэрэ. Бэлэхтээбит чорооннорум билигин мусуойга хараллан туралларыттан олус үөрэбин. Дойдубун кытта ситимниир күндү бэлиэ курдук саныыбын.
Кэбээйигэ баҕам хоту сыл аайы кыайан тиийбэппин. Арай, аҕам Тимофей Сметанин үбүлүөйдэрин бэлиэтээһиҥҥэ куруук ыалдьыттаан, тэрээһиннэргэ кыттан кэлэбин. Аҕам бииргэ төрөөбүт балта Екатерина Егоровна баар, 83-с хаарыгар сылдьар, этэҥҥэ олорор. Сайын биһиэхэ Намҥа кэлээччи. Мин олохсуйан олорор Граф Биэрэкпин наһаа сөбүлүүр. “Графский Берег” диэн хоһоон айан турар. Кини урут хоһоону кыралаан суруйа сылдьыбыт эбит, оттон 60 сааһыттан сайаҕас санаатын, истиҥ иэйиитин хоһоонунан этэр-тыынар буолбута, айар куттаах.
- Намнары кытта Тимофей Сметанин үбүлүөйүн көрсө
АҔАМ АЙЫМНЬЫЛАРЫН АТЫН ХАРАХПЫНАН КӨРӨБҮН
— Аҕаҥ айымньылара эйиэхэ туох санааны саҕалларый?
— Аҕам хоһооннорун, кэпсээннэрин, пьесаларын аахтаҕым аайы, аҕабын саҥалыы билсэр, атын харахпынан көрөр буолан иһэбин. Сыллар аастахтарын аайы, кыаҕым баарынан, дириҥник үөрэтэ сатыыбын. Аанньалларым миэхэ аҕам суруйар талааныттан бэрсибэтэхтэр. Оҕолорбор да билиҥҥитэ сибики суох курдук, арай, эһээлэрэ Тимофей Егорович курдук, наһаа үчүгэйдик уруһуйдууллар. Эһээтин аатын сүгэ сылдьар улахан уолбут Тимофей Сметанин Намнааҕы педагогическай училищены бүтэрбитэ, уруһуйдуур. Биир сиэммит Игорь бэһис дуу, алтыс дуу кылааска үөрэнэ сылдьан, 2-3 хоһоону суруйбута. Кэлин онтун сайыннара, арылла илик.
Аҕам олоҕун, айар үлэтин кэпсиэн сөптөөх, кинини кытары алтыспыт дьон, биллэн турар, аҕыйаата. Дьолго, кини олоҕун үөрэтэр, бүтүн өрөспүүбүлүкэни кэрийэ сылдьан кэпсиир, сырдатар энтузиаст дьон баалларын бу педагогическай дьаарбаҥкаҕа да көрдүбүт дии. Роза Андреевна Иванова киһи истэ олоруон курдук элбэҕи билэр, кэпсиир. Кинилэр миигин илдьэ сылдьаннар, билбэтэхпин биллим, көрбөтөхпүн көрдүм. Быйыл эмиэ Үөһээ Бүлүүгэ, Покровскайга эспэдииссийэҕэ барса сырыттым. Покровскайга олорбут дьиэлэрэ билигин да баар. Мемориальнай дуоска туруорбуппут.
Тимофей Сметанин удьуорун уһатааччыларынан 4 сиэнэ, 8 хос сиэнэ буолаллар. Сиэннэртэн саамай кыралара — биир саастаах кырачаан уол.
— Аҕаҥ “Былатыан суолунан бардарбыан” диэн бастакы хоһооно 1937 сыллаахха Нам улууһун “Холкуос сирдьитэ” хаһыатыгар бэчээттэммит. Оттон эн бу улууска олохсуйбуккун. Дьылҕа Хаан бэйэтэ ситимнээбит курдук дуу?
— Мин Граф Биэрэгэр 1973 сылтан олоробун, кэргэним Нам улууһун Хатырык сэлиэнньэтиттэн төрүттээх. Граф Биэрэгэр уруккута СПТУ-2, онтон училище, лиссиэй, билигин техникум буолбут үөрэх кыһатыгар отуттан тахса сыл преподавателинэн уонна производственнай үөрэх маастарынан үлэлээбитим.
— Оттон бу Таатта сиригэр хаһыс сырыыгыный?
— Таатта курдук кэрэ айылҕалаах, баай устуоруйалаах, саха суруйааччылара уутуйан үөскээбит ытык сирдэригэр кэлбиппин дьолбунан ааҕабын. Манна сыһыаран эттэххэ, үөрэнэ сылдьан Чычымахха икки ый устата быраактыкаланыым, дипломнай үлэбин манна суруйуум эмиэ мээнэҕэ буолбатах курдук. Аҕам Тааттаны кытары сибээстээх. Тааттаттан төрүттээх, сахаҕа бастакы норуодунай бэйиэт Серафим Кулачиков-Эллэйи уонна Кэбээйи уолаттара Тимофей Сметанины, Иван Петрову поэзия, саха литературата ситимнээбит буолуохтаах. Серафим Романович кинилэртэн быдан аҕа саастаах да буоллар, бэйэтигэр чугаһатан, ыкса доҕордоспуттар. Ону сэргэ, Таатта норуодунай тыйаатырын олохтообут, Саха тыйаатырын уһулуччулаах артыыската Ирина Максимова аҕам “Лоокуут уонна Ньургуһун” испэктээгэр Ньургуһун оруолун чаҕылхайдык толорбута. Ирина Михайловна – Ньургуһуну оонньообут бастакы артыыскалартан биирдэстэрэ.
— Татьяна Тимофеевна, бачча улахан тэрээһинтэн быыс булан, сэһэргэспиккэр улахан махтал.
НАМНАРЫ КЫТАРЫ СИБЭЭҺЭ
Тимофей Сметанин оҕо уонна эдэр сааһа Нам оройуонун сайдыытын устуоруйатын кытта быһаччы сибээстээх (оччолорго биир оройуон этилэр). Намҥа кэлэн, суотчут куурсун бүтэрэн, 1934 сыл олунньутуттан холкуоһугар суотчуттаабыта. Бэйиэт “Былатыан суолунан бардарбыан” диэн бастакы хоһооно 1937 сыллаахха Нам улууһун “Холкуос сирдьитэ” хаһыатыгар бэчээттэммитэ. Өссө 7-с кылааска үөрэнэ сылдьан, 1939 сыллаахха “Эдэр бассабыык” хаһыакка Илья Чаҕылҕан “Ньургуһун” диэн оҕолорго анаабыт хоһоонун хомуурунньугун ырытан, намнарга биллибитэ.
Надежда ЕГОРОВА.
Хаартыскалар ааптар түһэриитэ уонна Т.Сметанин архыыбыттан.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: