Салгыы
Сүрэх аан дойдутааҕы күнүгэр башня кыһыл өҥүнэн умайыаҕа

Сүрэх аан дойдутааҕы күнүгэр башня кыһыл өҥүнэн умайыаҕа

29.09.2022, 16:30
Бөлөххө киир:

Бүгүн —  Сүрэх аан дойдутааҕы күнэ. Бу күн сүрүн  соругунан сүрэх-тымыр ыарыыларын, ыарыы үөскүүр төрүөттэрин уонна ону утары охсуһуу туһунан нэһилиэнньэҕэ иһитиннэриини элбэтии буолар.

Ол курдук, бүгүн киэһэ 19.00.-20.00 чааска Дьокуускай куоракка телевидение башнята кыһыл өҥүнэн умайан, сүрэх ыарыытын эрдэттэн сэрэтии уонна харыстаныы, бэйэ доруобуйатыгар эппиэтинэһи үрдэтии суолтатын санатыаҕа.

Бу күҥҥэ анаан Саха сиригэр Сүрэх аан дойдутааҕы күнүгэр аналлаах декада саҕаламмыта.

Бу күн СӨ Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ уонна куорат мэдиссиинискэй тэрилтэлэрэ “Хаан баттааһынын кээмэйдээһин биир күнэ” аахсыйаны тэрийэллэр. Аахсыйаҕа кыттыан баҕалаахтар “Туймаада” Эргиэн комплексыгар, “Проспект”  Эргиэн киинигэр, Автовокзалга, Аэропортка кэлиэхтэрин сөп. Манна хааныҥ баттааһынын мээрэйдиэхтэрэ, хаан баттааһынын кэмнииргэ үөрэтиэхтэрэ, ону сэргэ ВИЧ-инфекцияҕа тиэст толоруоххун сөп.

Декада чэрчитинэн мэдиссиинискэй тэрилтэлэр “Дьиэ кэргэн доруобай сүрэҕэ” аһаҕас аан күннэрэ ыытыллыахтара. Мэдиссиинэ үлэһиттэр инсульт ыарыытын сэрэтэргэ лиэксийэлэри, бэсиэдэлэри, доруобуйа оскуолаларын, доруобуйа марафонун тэрийиэхтэрэ. Марафоҥҥа сарсыардааҥҥы эрчиллиилэр, хаалыктаах хаамыы, сүүрүү, бэлисипиэтинэн айан, сатыы хаамыы уо.д.а. киирэллэр.

Биллэрин курдук, куһаҕан дьаллыктан аккаастаныы,  сөптөөх аһылык, хаан баттааһынын хонтуруолга тутуу сүрэх-тымыр ыарыыта үөскүүр кутталын аҕыйатар.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
Бары сонуннар
Салгыы
11 октября
  • 2°C
  • Ощущается: 2°Влажность: 93% Скорость ветра: 1 м/с

Сообщить об опечатке

Текст, который будет отправлен нашим редакторам: