Бүгүн – тиэрмин хамыыһыйата тэриллибитэ биир сыла
Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатыгар саха тылын тиэрминнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйата тэриллибитэ биир сыла.
Былырыын олунньуга Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр, өрөспүүбүлүкэ Ил Дархана Айсен Николаев саха тылын сайыннарар, үйэтитэр, киэҥ эйгэҕэ тарҕатар инниттэн, тиэрмин хамыыһыйатын тэрийэн үлэлэтиҥ диэн сорудахтаабыта.
Онон, лоп курдук сыл анараа өттүгэр, 2023 сыл бэс ыйын 6 күнүгэр, Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Андрей Тарасенко илии баттааһыннаах “Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын иһинэн саха тылын терминологиятын өрөспүүбүлүкэтээҕи хамыыһыйатын тэрийии туһунан” 454 нүөмэрдээх дьаһал тахсыбыта.
Хамыыһыйа үлэтин Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлэ Сергей Местников сүрүннүүр. Сүүрбэ киһилээх хамыыһыйаҕа учуонайдар, дьокутааттар, уопсастыбанньыктар, суруналыыстар киирэллэр.
Сыл устата хамыыһыйа 9 мунньаҕы тэрийэн ыыппыт, уопсастыба олоҕун араас эйгэтигэр туһаныллар 73 тиэрмини, судаарыстыбаннай былаас толорор уорганын 31 аатын, доруобуйа харыстабылын, бырамыысыланнас, геология, култуура нэһилиэстибэтин эбийиэктэрин харыстааһын, тутуу эйгэтин 160 тиэрминин уонна өйдөбүлүн бигэргэппит.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: