Саха сирин синоптиктара бүгүн, тохсунньу 30 күнүгэр, киин улуустарга туманнаах буоларын, Булуҥҥа күүстээх буурҕа түһэрин билгэлииллэр. Бу туһунан УГМС саайта иһитиннэрэр.
Саха сиригэр үгүс оройуоннарынан сөҥүүтэ суох, хоту кыралаан хаардыыр, киин улуустарынан туманнаах, муора кытылынан тибиилээх, сөкүүндэҕэ 9-14 м. диэри күүстээх тыаллаах, Булуҥ оройуонугар сөкүүндэҕэ 15-20 м. түргэннээх тыаллаах, буурҕа түһэр.
Салгын температурата түүн -35-40°С, хотугулуу-илин -40-45°С, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан -50-55°С, арҕаа, соҕуруу, муора кытылынан хаар түстэҕинэ -25-30°С кыраадыс тымныы. Күнүс салгын температурата -32-37°С, хотугулуу-илин -38-43°С, Өлүөнэ өрүс алын тардыытынан -47-52°С, арҕаа, соҕуруу -20-25°С.
Дьокуускайга салгын температурата түүн -39-41°С, күнүс -32-34°С кыраадыс тымныы. Сарсыарда уонна түүн туманнаах, сөҥүүтэ суох, кыра тыаллаах.
«Якутия, вперед!» биэриигэ Айсен Николаев тохсунньу ый түмүктэрин таһаарда уонна Бырабыыталыстыба отчуоттарын сирэй көрсөн тоҕо…
“Якутия, вперед!” биэриигэ тохсунньу түмүктэрин таһаарар быһа эпииргэ Ил Дархан “Сулустаах” түөлбэҕэ сыл саҕаланаатын кытта…
“СӨ судаарыстыбаннай ыччат бэлиитикэтин туһунан” сокуон 1998 сыллаахха ылыныллыбыта. Ол гынан баран, бу сокуоҥҥа “патриотическай…
Ил Дархан Айсен Николаев үөрэх үлэһиттэрин тохсунньутааҕы сүбэ мунньаҕар этиллибит сүҥкэн суолталаах боппуруоһунан тус үөрэхтээһини…
Мииринэй улууһугар полицейскайдар биэнсийэлээх дьахтартан баан каартатыттан харчы уоруутун дьыалатын арыйдылар. Харчыны уорбут уорбаланааччынан дьахтар…
Олунньу 1 күнүттэн үлэтэ суохтарга босуобуйа кээмэйэ 9,5%-нан эбиллэн, муҥутуур кээмэйэ 15 тыһ. солк. тахса…