Бүгүн — Тыа хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин күнэ
Өрөспүүбүлүкэҕэ тыа хаһаайыстыбата олохтоох норуот сүрүн дьарыга, кэскилэ уонна инники күөҥҥэ турар биир сүрүн салаата буолар. Ол курдук, анал бырагыраамалар чэрчилэринэн сүөһү ахсаанын элбэтиигэ, кэтэх, бааһынай хаһаайыстыбалар укулааттарын бөҕөргөтүүгэ туһуламмыт араас хайысхалаах үлэ-хамнас ыытыллар.
Бүгүн тыа хаһаайыстыбатын астыыр уонна батарар тиһигин кэҥэтии уонна бөҕөргөтүү нөҥүө, табаары оҥорон таһаарыыны улаатыннарыы тыа хаһаайыстыбатын сайдыытын тирээн турар соруга буолар. Тыа хаһаайыстыбатын сайдыытыгар сүрүн соруктар ортолоругар — нэһилиэнньэни олохтоох оҥоһуу хаачыстыбалаах табаарынан хааччыллыы таһымын үрдэтии, сүөһү иитиитин уонна үүнээйини ылыы бородууксуйатын үрдэтии, пиэримэлэри, сылгы баазаларын тутуу, бырамыысыланнай таһымҥа көтөрү иитии кииннэрин уонна табаһыттар матырыйаалынпай-тэхиньиичэскэй баазаларын саҥардыы, бородууксуйаны батарыыны көҕүлээһин.
Хас сыл ахсын бастыҥ технологиялар уонна аныгы тэриллэр туһаныллаллар, итилэр оҥорон таһаарыыны тупсарары сэргэ, агрокултуураларынан хааччыллыыга, тыа хаһаайыстыбатын бары сүөһүтүгэр-аһыгар: ынах сүөһү, сылгы, таба, сибиинньэ уонна көтөр ахсаанын элбэтиигэ инники күөҥҥэ иһэр кыаҕы биэрэр.
Өрөспүүбүлүкэ туһугар таһаарыылаах үлэҕитигэр ситиһиини, чэгиэн доруобуйаны, дьолу-соргуну, нус-хас олоҕу баҕарабыт!
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: