Бүгүн түһээн төлөбүрүн бүтэһик күнэ
Бүгүн Саха сирин олохтоохторугар түһээн төлөбүрүн бүтэһик күнэ.
Сокуон хараҕынан түһээн бары көрүҥүн сыл ахсын хойутаабакка ахсынньы 1 күнүгэр диэри төлөнүөхтээх. Ол эрээри, бу сылга ахсынньы 1 күнэ өрөбүлгэ түбэспитинэн, төлүүр болдьоҕо ахсынньы 2 күнүгэр диэри уһатыллан биэрэр. Бу туһунан «Джи Ар Менеджмент» (GRM) юридическай фирма партнера Сергей Новиков иһитиннэрэр.
«Ахсынньы бастакы күнүгэр дойду үрдүнэн хамсаабат баай-дуол түһээнин төлөбүрүн бүтэһик күнэ», — диир Сергей Новиков. Бүгүн сир уонна тырааныспар, хамсаабат баай-дуол, НДФЛ дохуодуттан түһээн төлөнүөхтээх. Новиков этэринэн, быйыл нолуок төлүүр болдьоҕо (ахсынньы 1 күнүгэр) өрөбүлгэ түбэспитэ, онон ахсынньы 2 күнүгэр — нэдиэлэ бастакы күнүгэр диэри уһатыллыбыта. Оттон ахсынньы 3 күнүттэн Түһээн сулууспата пени ааҕар бырааптаах.
Сообщить об опечатке
Текст, который будет отправлен нашим редакторам: