Сэтинньи 18 күнэ – Арассыыйаҕа Тымныы оҕонньор (Дед Мороз) төрөөбүт күнэ. Тымныы оҕонньор олорор сиригэр – Вологодскай уобалас Улуу Устюг куоратыгар бу күнтэн ыла кыһын саҕаланар, тымныы түһэр эбит.
Кыһыҥҥы аптаах оҕонньор хас саастааҕа биллибэт, ол эрээри, 2 тыһыынча сыл хаарын уулларбыт үһү. Былыр илиҥҥи славяннарга кинини Трескун диэн тымныы иччитинэн ааттыыллара, онтон сыыйа Морозко, Мороз Иванович диэн ааттаммыт.
Литератураҕа Тымныы оҕонньор аан бастаан 1840 сыллаахха Владимир Одоевскай «Детские сказки дедушки Иринея» кинигэтигэр баар буолбут.
Оттон 1999 сыллаахха аан бастаан Улуу Устюг Тымныы оҕонньор төрөөбүт сиринэн ааттаммыт, дьиэ, тэлгэһэ тутуллубут.
Сэтинньи 18 күнүгэр онно улахан бырааһынньык тэриллэр. Анал буоста дьааһыгын уураллар, онно Тымныы оҕонньору бэйэтин эҕэрдэлиир аккырыыккалары угаллар. Улуу Устюг куоракка улахан бырааһынньык тэриллэр, киэһэтин киин болуоссакка улахан харыйа уоттарын уматаллар. “Кэлиэгэлэрин” эҕэрдэлии Европаттан Санта Клаус, Чехияттан Микулаш, Карелияттан Паккайне, Бурятияттан Сагаан Убугун, Татарстантан Кыш Бабай, Саха сириттэн Чысхаан тиийэллэр. Бу аптаах оҕонньоттору көрөөрү, киһи бөҕө мустар эбит.
Былыр-былыргыттан дьон харчыга сыһыаннаах бити-билгэни итэҕэйэр, туһанар. Ол ханныктарый? Остуолга кураанах иһиттэр, вазалар, бытыылкалар туруо…
Дьокуускайга сылы эргиччи оҕуруот аһын, күөх үүнээйини үүннэриинэн дьарыктанар "Саюри" тэпилииссэ комплексыгар газовай электрстанция (ГПУ)…
Сахаҕа сылгы сүдү суолталаах, ону кытта сылгы идэһэ биир мааны аһылыгынан биллэр. 1980–1990‑с сылларга тэҥнээтэххэ,…
Бүгүн, сэтинньи 23 күнүгэр, Усуйаанатааҕы ЕДДС Уйаандьы сэлиэнньэтин баһылыгын солбуйааччытыттан иһитиннэрии киирбит. Кини 1999 уонна…
Уус Алдан улууһугар Тиит Арыыга 16 сылын доҕордуу көрсүһүү үрдүк тэрээһиннээхтик ыытылынна. Манна Тиит Арыыттан…
Бу күннэргэ дойду бары сиригэр-уотугар өтөрүнэн бэлиэтэммэтэх сылыйыы буола турарын туһунан Арассыыйа Гидромет киинин научнай дириэктэрэ…